Кулун тутар 20 чыыһылатыгар оскуола 7 оҕотун илдьэ балыктыы бадым (бэйэм учууталбын). Өрүс һрдһгэр һһтээҥҥэ түөрт хонубут. Уолатар бары бииргэ утуйалар, мин остуол аттыгар туспа сытабын. Иккис дуу, хаһыс дуу түүн.
Уолатар эрдэ утуйдулар, сылайбытар. Мин оһоөу эбэн, ааны олуйан баран чүмэчи умуларыахпын сүрэҕэлдьээн табахтыы сыттым. Үүтээн иһэ им - ньим. Оһох эрэ тыаһыыр. Ол сытан уум кэлэн барда, устунан утуйан бардым. Арай оннук утуйар - утуйбат сыттахпына эмискэ үүтээн ойоҕоһуттан түргэн баҕайтык киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн үүтээним аанын тарта! Мин ойон турдум, уолуйдум ахан! Чумэчим номнуо умайан бүппүт, саҥа чүмэчини ылан уматтым. Аһары кутанан аҕыйах оҕону "таһырдьа тахсан киириэххэ" диэн сылтахтанан уһугуннардым. Оҕолору куттуом диэн эппэтим кинилэргэ.
Арай ааммын хатаабатаҕым эбитэ болар?
http://vk.com сайттан. Андрей Винокуров суруйуута.