Биир кэпсээн баар. Ханна хайдах быһыылаахтык буолбутун кимтэн истибиппин билбэппин, арай биир дэриэбинэҕэ биир кырдьаҕас эмээхсин бу орто дойдуттан баран хаалбыт...
Үһүс күннэрин атаара сырыттахтарына эмээхсиннэрэ уһуктан кэлбит, дьон барыта соһуйбут даҕаны, куттаммыт даҕаны. Эмээхси кэпсээнэ маннык буолбут: "Арай түһээтэхпинэ маҥан коридорунан хааман иһэбин, киһи бөҕөтө үмүөрүһэ аҕай сылдьар. Биир эдэр кыыс тугу эрэ сурунар, онно тиийэн ыйыппыппар аапын истэн баран атын кыыска бар диэн сүбэлээтэ, ол кыыһым атын сиргэ атаарда. Өр да мачайдаан баран биир саастаах киһи миигин көрөн баран: "Тоҕо эрдэ кэллин" - диэн үлтү мөхтө уонна: "Аны үс күнүнэн кэлээр" - диэтэ. Хайыамый тахсан барбытым бу харайаары гыммыккытыгар хата уһугуннум дии", - диэн күлэн кэбиспит. Малларын ыраах уурбатахтар, сотору барыа диэн. Эмээхсиннэрэ үс сылынан утуйбутунан бараахтаабыт...
Александр Ядреев vkontakte.ru сайттан. 3 кулун тутар 2010 20:47