Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
2 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
5 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
6 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
7 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
8 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
9 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
12 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
13 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

Хайа анныгар

Мин табаарыһым аҕата биирдэ кыһын киэһээ борук-соруукка сыарҕалаах буранынан бултуу баран испит.

Арай биир иччитэх хайа аннынан айаннан испит, ол баран истэҕинэ эмискэ баҕайы бурана нэһиилэ айанныыр буолан хаалбыт, сыарҕата ыйааһыннанан хаалбыт. Ону тохтообокко эрэ айаннаан иһэн "Туох үлүгэрэ буолла" диэн кэннин диэки сыарҕатын эргиллэн көрбүтэ кыһыҥҥы таҥастаах саха кыыһа олорор үһү. Ону булчут этэ тардан буранын тохтоппокко эрэ айаннаан испит онтон 500 - 1000 миэтирэ кэннитэн сыарҕа чэпчии түспүт, эргиллэн көрбүтэ ким да суох буолбут. Ону этэллэринэн ол айаннаан испит сиригэр хайаҕа былыр кыыс ыйанан өлбүт сирэ эбит

Юрий Расторгуев  vkontakte.ru сайттан 3 кулун тутар 2010 1:57 

Суруйда Baaska. 2012-04-30 11:13:53 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ