Мин бииргэ үөрэммит уолум былырыын кэпсээбитин кэпсиэм... Кини ийэтэ оскуолабытыгар бухгалтерынан үлэлиирэ, биирдэ түүн соҕотоҕун оскуолаҕа бэчээттии олорон арай иһиттэҕинэ туох эрэ тыаhа иhиллэр эбит. Ону тулуйбакка тахсан көрбүт..
Арай көрдөҕүнэ коридор түгэҕиттэн туоҕа биллибэт уун утары доҕолоҥнуу доҕолоҥнуу сүүрэн иhэр эбит! Ол харамай көрүҥэ: илдьирийбит ырбаахылаах оҕонньор, өссө эбиитин илиитин төгүрүтэ - төгүрүтэ эргитэр, уонна "о-о-о-о-о" диэн саҥара - саҥара сүүрэн иhэрэ үһү!!! Ону чүөчэбит: "Дьээбэлэнэн бүтүн эрэ!" диэхтээбит, уонна аанын хайа быраҕан сабынан кэбиспит, ол кэнниттэн түргэнник тахсан дьиэтигэр тэбинэ турбут...
Мария Ефремова Vkontakte.ru сайттан 28 олунньу 2010 2:23