Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
2 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
5 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
6 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
7 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
8 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
9 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
12 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
13 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

Суолга

Аллараа - Бэстээхтэн убайым Төхтүргэ айаннаан иһэн остановкаҕа көлүөһэтэ тэстибит, ону уларыта сырыттаҕына табаарыһа массыынанан ааспыт, түннүк нөҥүө дорооболоспут, уонна тохтооботох. "Туох буолан тохтообото" дии санаабыт, уонна оҥостон баран айаннаан этэҥҥэ тиийбит.

 Сарсыныгар ол табарыһын көрсүбүт:
- Тоҕо тохтообоккун, алдьанан турарбын көрө-көрө - диэбитигэр
- Соҕотох буолбатах диэн кыһаллыбатаҕым" - диэн соһуппут.
- Соҕотох этим ди киһини соһутума эрэ
- Спортивнай танастах эдэр уол аттыгар турара этэ ээ.. - диэбит.
Убайым куттанан уҥуоҕа халыр босхо барбыт. Сотору соҕус остановка кэнниттэн эдэр уол өлүгэ көһүннэ диэн хаһыакка аахпыттар

Муся Сивцева (Григорьева) 24 олу 2010 1:47

Суруйда Baaska. 2012-04-22 01:16:21 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ