Биир олохпор буолбут тубэлтэни эһиги истиигитигэр таһаарыахпын баҕарабын.
Күһүөрү, хатыҥ сэбирдэҕэ түһүүтэ этэ, от үлэтин бүтуутэ буолан, кыракый дэриэбинэ оҕолоро, дьоно-сэргэтэ бука бары кэриэтэ дэриэбинэҕэ бааллара.
Оччолорго биһиги кыракый оҕолор, хас киэһэ аайы эргэ кулууп таһыгар мустан оонньуур этибит, биир киэһэ мин балтыбынаан хойуукка диэри оонньоон-көрүлээн баран түүн халлаан лаппа хараҥарыыта дьиэбитигэр төннөн иһэн арай утары кырдьаҕас эбээбитин көрсө түстүбүт, ити кэмҥэ эбээбит 96 сааһын номнуо томточчу туолан, сэдэх баҕайытык хаама-сиимэ сылдьара.
Эбээбит Настаа тоҕо хойутаатылар диэн тахсан көрдүү сылдьар эбит, биһигини утары көрсөн мөҕүттүөх курдук буолан иһэн, арай тылыттан ах барда, уонна: «Хайа, бу үһүс оҕо кимий?» - диэн аргыый сэрэммит куолаһынан ыйытта, биһиги куттанан кэннибитин көрсө түстүбүт да ким да суох, балтым олус куттанан, ыксаан: «Эбээ, ким да суох дии, биһиги иккиэбит, убайбынаан» - диэн хардарда, онуоха, эбээбит биир да тылы саҥарбакка дьиэбитигэр үүртэлээн киллэрбитэ, уонна оһох оттон өргө диэри оһох иннигэр тугу эрэ ботугуруу олрбута.
Онтон сарсыарда утуйан турбуппутугар, Эбээбит: «Ким бэһэҕээ дьиэбит иннигэр баар үрэххэ сытыылаах тимири түһэрбитэй» - диэн ыйыппыта, кырдьыга ити күн кыра балтыларым үрэххэ быһах түһэрбиттэрэ, уонна эбээм эппитинэн ити үрэх уҥуор ойуун көмуллэ сытар үһү.
Билиҥҥэ диэри ити күнү умнубаппын, тугун таайа сатыыбын, БЫЬАХ-ОЙУУН УҤУО5А-ЭБЭЭМ КӨРБҮТ ҮҺҮС КИҺИТЭ--ыкса сибээстээхтэрэ буолуо дии саныыбын.
Хомойуох иһин ити кыһын эбээ Настаабыт күн сириттэн суох буолбута.
Эбэн эттэххэ, ити түбэлтэ Уус-Алдан улууһун Өспөх диэн дэриэбинэтигэр 1999 сыллааха буолбута.
Петр Саввин 9 олунньу 2010 2:20 Vkontakte.ru сайттан