Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
2 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
5 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
6 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
7 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
8 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
9 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
12 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
13 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

"Ыалдьыт"

Мин биир билэр киһим биирдэ кэпсээн турардаах: Киэһээ бултаан кэлэн үүтээнигэр утуйаары сыттаҕына таһырдьа ким эрэ хаамар тыаһа иһиллибит, ону биһиги киһибит маннык диэбит: "Айыы киһитэ буоллаххына киир сэһэргэһиэх, Анараа дойду киһитэ буоллаххына аас" - диэбит.

Били "киһитэ" киирбэтэх, таһыдьа тыаһаан-ууһаан баран сүтэн-симэлийэн хаалбыт. Сарсыҥҥы күнүгэр биһиги киһибит үүтээнгэр кэлэн баран строп лента ылбыт, уонна суон сиэрдийэни ылан баран аанын олуйбут, киэһээ эмиэ били "киһитэ" кэлбит да, ааны тардыалаабыт, биһи киһибит саатын хаба тардан ылаат аан аһыллыбытыгар аан диэки туһаайан баран хаста да ыппыт, туох да хаһыы-ыһыы, айка-ойко суох үһү. ыксаан сарсыныгар үүтээнин тула ат сиэлин ыйаабыт, ол кэннэ били "ыалдьыта" кэлэ илик... Итинниги истэн турардаахпын чугас аймах киһибиттэн..

Егор Абрамов  3 олу 2010 20:40 Vkontakte.ru сайттан.

Суруйда Baaska. 2012-02-23 23:08:51 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ