Мин эhиэхэҕэ биир түбэлтэни кэпсиэхпин баҕарабын: бу бэйэм илэ чахчы харахпынан көрбүтүм, эппинэн сиимминэн сэрэйбитим ыарахан этэ, билигин санаатахха, ол эрэн мин бэйэбин аhаҕас харахтаахпын дэммэппин эрэн!! Дьэ, маннык этэ: мин оскуолаҕа сылдьан Дьокуускай куоракка балыаhаҕа киирбитим..
Тоҕото эбитэ буоллар, оҕо эҥин элбэҕэ бэрт буолан миигин саамай бүтэhик хоско киллэрбиттэрэ.. Ол хоспор киирбиппэр ким да суоҕа, бэйэм эрэ этим. Арай киэhэлик диэки душтана (душпут хостон таҕыстаххына хоспун кытары силбэhэ турара, атын ааннааҕа) киирээри таска турар уоту холбоон баран дууhум аанын аспыппар биир мап-маҥан таҥастаах, уп-уhун баттахтаах кыыс утары сиэрикэлэҕэ көрүнэн туран батта5ын тараана турар эбит, миигин уоттаах харахтарынан көрө биэрдэ!!! Мин көрөн баран ынырык баҕайытык соhуйдум, тутан турар малбын барытын сиргэ түhэрдим.. Отой оннугу эрэ көрүөм дии санаабатах буоллаҕым. Онтон эмиэскэ төнкөйөн сиргэ түhэрбит сээкэйбин ылан истэхпинэ кыыhым сүтэн хаалбыта.. Эс, мин хайдах эрэ өссө хараҕым иирдэ, бу балыаhаҕа "бачча элбэх киhиэхэ туох абааhыта кэлиэй" дии санаан бэйэбин уоскутуннум, уонна сууммакка эрэ хоспор киирэн ороммун оҥостон сыттым.. Арай хаҥас диэки ороммун хараҕым кырыытынан көрбүтүм ким эрэ покрываланы бүрүнэн баран көхсүнэн сытар эбит, ону көрөн баран били дууhум кыыhын санаатым, кини уоттаах харахтарыттан сүрэҕим мөҕүстэ, хараҕым хараҥарда, ханна да кэлиэх-барыах сирбин булбатым.. Ол сытан эрэ: "Ама хайдах билигин аҕай хоспор соҕотох этим дьии, ким кэлиэй, бэйэм эрэ этэ.. Ити ама хайаан абааhы сытар буоллаҕа" - диэн санаалар үүйэ-хаайа туттулар, этим уунан саба ыспыт курдук тоҥон барда хараҕым им-дьим буолла.. Ханна барбыппын өйдөөбөппүн, арай биирдэ өйдөөбүтүм сарсыарда буолбут.. Мед. сестра уhугуннарда.. Туран баран уонна бу хоско аны хоммуппун, олорбоппун диэн эппиппэр саҥата-иҥэтэ суох атын хоско көhөрбүттэрэ, а так кэлин истибитим тоҕо ити хоско ким да олорботуй диэн ыйыталаспыппар, биир нуучча кыыhа өлбүт үhү диэн эппиттэрэ.. Ону истэн баран кини дууhата сылдьаахтыыр эбит диэн санаабытым..
Русанда Матвеева 3 олу 2010 17:01 vkontakte.ru сайттан.