Бу аҕыйах сыллааҕыта буолбута. Күһүн табаарыстарбын кытары бултуу бардыбыт, үһүө буолан, түүн хараҥаҕа былдьатан өтөххө хоно хааллыбыт, чэйдээн баран утуйдубут.
Арай түүн уһуктан кэллим, хайдах эрэ илиим - атаҕым хамсаабат буолан хаалбыт, сытан эрэ уолаттары уьугуннараары саҥара сатаатым, истибэттэр дуу саҥабын, бэйэм эрэ истэбин дуу, хайдах дуу, оһох уотун кыымын сырдыгар утуйа сыталлара көстөр. Сыта сатаан баран нэһиилэ туран чүмэчибин уматтым, арай туох эрэ чүмэчибин үрэн кэбистэ. Дьээ, куттал буолла, куйахам күүрдэ, ыксаан испиискэм маһын барытын ыһан кэбистим. Ол булумахтана олордохпуна аан аһылынна, биир киһи киирэн кэллэ хараҥа буолан сирэйэ да туга көстүбэт, арай оһоҕум сырдыгар көрдөхпүнэ билэр киһим курдук, аны сирэйин умса туттан кистиир. Онтом дьэ биллим ким буоларын - өлбүт табаарыһым эбит. Киһим: "Таһырдьа таҕыстыбыт" - диир, мин нэһиилэ "суох" диэн баран истиэнэҕэ сыстан олордум, киһим тура сатаан баран тахсан сүтэн хаалла. Тахсыбытым буоллар туох буолуо эбитэ буоллар.
Денис Старостин 28 тохс 2010 12:26 vkontakte.ru сайттаан.