Биирдэ таайым хантан эрэ кэлэн испит, улахан массыынанан. Суолун быһалаары киһи уҥуохтаах сир аттынан ааһан истэҕинэ массыыната умуллан хаалбыт.
Таһырдьа күһүҥҥү хараҥа. Арай көрдөҕүнэ биир фааралаах массыына иһэр үһү, олох тыаһа суох. Тохтотуом дии саныы турбут. Массыыната чугаһаабытыгар өйдөөн көрбүтэ уот шарик төкүнүйэн иһэр эбит. Таайым ону көрөн куоппут. Уота да өргө дылы эккирэппит. Биирдэ өйдөммүтэ дьиэтигэр кэлэн турар эбит. Хайдах кэлбитин да билбэтэх. Бука кутталыттан буута быстарынан куоттаҕа.
Тетям кыра сылдьан киэһэлик хараҥа түһүүтэ олбуорун таһыгар мээнэ оонньу сылдьыбыт. Көрбүтэ уулусанан эмиэ уот шарик иһэр эбит, төкүнүйэн, тетям куотан олбуорун кыракый соҕус быыһынан батан киирэн хаалбыт, уота ол олбуорга кэлэн баран маска иҥнибит уонна сүтэн хаалбыт. Успейдаан киирбэтэҕэ буоллар хайыа этэй?
Туйара Корнилова 25 тохс 2010 17:54
________________________________
Былыр эбээм эдэр сырыттaҕынa сырсыбыт үһү. Чаппанда диэн дэриэбинэттэн Саалтааны диэн дэриэбинэҕэ баран испит, сыарҕалах атынан киэһээ хараҥаҕа. Аара суолга Хампа диэн сир баар, өбүгэлэрбит олорбут сирдэрэ. Ол сиргэ киирбитин кэннэ кинини умайа сылдьар уот шарик экирэпит үһү. Онтон ол сири ааһаатын кытары сүтэн хаалбыт. Ол туох буолуо дии саныыгыт?
Денис Михайлов 26 тохс 2010 1:49
________________________________
Ити буоллаҕына өлбүт дьон уҥуоҕун фосфора диэбиттэрэ. Онтукайдара кэмигэр тахсар үһү, о.э. көтөр. Салгын хайа диэки хамсыыр да, ол диэки барар үһү. Ону эккирэтэр дииллэр. Киһи аннараа дойдуга барбытын кэннэ, элбэх-элбэх сыл буолан баран көтөр үһү. Хараҥаҕа уот курдук көстөр.
Туяра Черкашина 26 тохс 2010 1:55
Vkontakte.ru сайттан