Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
3 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
6 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
7 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
8 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
9 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
10 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
13 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
         
    

Суол үрдүгэр туттубут

Биир соседпыт киһи көрбүт этэ, арай биирдэ баанньыгар сууна тахсыбыта, баанньыгын иһигэр биир былыргылыы таҥастаах дьахтар баттаҕын тараана турар эбит, уонна икки буойун таҥастаах эр дьоннор олороллор эбит.

Таҥастарыттан көрдөҕүнэ баай дьахтар уонна "охранниктара" быһылаах үһү. Онтон ону көрөн тахсан куотан хаалбыт, дьиэтигэр киирэн дьонун илдьэ тахсыбыта ким да суох үһү, атах да суола суох үһү... Ону кэлин биир кырдьаҕас киһиттэн ыйыппыта "баанньыгын урукку суол үрдүгэр турар, ол иһин инник көстөр" -  диэбит үһү. Кэлин көрбөтөх быһылаах...

Владимир Решетников  vkontakte.ru сайттан. 24 тохс 2010 0:00 

Суруйда Baaska. 2012-02-12 14:30:14 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ