Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
3 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
6 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
7 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
8 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
9 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
10 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
13 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
         
    

Илэ абааһы

Арай биирдэ биир киһи ойуурга саһаанныы тахсыбыт. Тараахтарын собуоттаан айаннаабыт, хараҥарыан иннинэ дьиэлээн иһэн суолун быһа таарыйа быраҕыллыбыт эргэ суолунан барбыт.

 

Арай ол айаннаан истэҕинэ туох эрэ куһаҕан баҕайы сытыйбыт сыт кэлэр үһү. "Туох сытыйа сыттаҕай" дии-дии  салгыы баран испит. Арай сыта өссө күүһүрдэн күүһүрэн иһэр үһү. Тыраахтарын сиэркилэтин көрбүтэ арай маҥан улахан төбөлөөх кыра соҕус уҥуохтаах туох эрэ киһи курдук илиитинэн далбаатыы-далбаатыы эккирэтэн иһэр аҕай үһү. Хараҕа кып кыһыл, ыксаабыт аҕай, сирэйдээх. Айа5а уп улахан үһү. Таах ону көрөөт "Бу өллүм" диэн газтаан саайбыт, эргэ суол бүтүөн диэри эккирэппит аҕай үһү, саҥа суолга тахсыбытыгар абааһыта бэйэтин суолугар туран хаалбыт. Оннук курдук икки кусчуттар матасыкылынан айаннаан истэхтэринэ эккирэппит үһү. Саамай сыта ынырык куһаҕан үһү. Көрөр хараҕа да киһи дууһатын сиир курдук көрөр үһү отой..

  Prokop Nikolae  23 тохс 2010 23:39 vkontakte.ru сайттан 

Суруйда Baaska. 2012-02-08 01:32:04 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ