Хас да сыллааҕыта мин убайым Намтан Таастаахха (мин ол дэриэбинэҕэ олоробун) экстрасенс дьахтары таһаара сылдьыбыта, ол дьахтар икки чүөчэни батыһыннара сылдьар этэ, ону айаннаан иһэн ханна эрэ тохтообуттар.
Арай ол тохтоон баран айаннаабыттарыгар массыыналара нэһиилэ кыанар буолбут, олох уута оргуйан иҥин убайым эрэй бөҕөнү көрсүбүт этэ. Арай иһиттэҕинэ дьахталлара: "Дьэ ити, олоруста, ханна түһэр" - эҥин диэн кэпсэтэллэр үһү, оннук айаннаан иһэн Кэнкэмэ үрэххэ тохтобуттар, убайым ньиэрбинэйдээн эҥин таһырдьа тахсан табахтыы турдаҕына, дьахталлара тугу эрэ быһаарсан баран: "Чэ, түргэнник массыынаҕа олорун, бардыбыт" дэспиттэр, оннук хонностон иһэн убайым массыынатын сиэркилэтинэн кэннин көрбүтэ, уп-улахан хап-хара киһи суол кытыытыгар туран хаалбыт үһү, хата түргэн баҕайытык айаннаан кэлбиттэрэ.
Виктория Гаврильева 20 тохс 2010 2:13 vkontakte.ru сайттан