Маны миэхэ ыраатта кэпсээбиттэрэ ханна буолбутун билбэппин, умнан кээбистим. Биир эдэр ыаллар атын дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр, онно администрациялар дьиэ биэрбиттэр. Дьиэлэрэ буоларын курдук эргэ үһү...
Сууйан-тараан, оҥостон киирбиттэр, уонна дьэ үөрэ-көтө утуйаары сыттахтарына арай түүн ортото эмискэ муостаны туох эрэ тоҥсуйар эбит. "Эс хайдах хайдаҕый, кутуйах иҥин баҕар буолуо" дии санаабыттар эрээри син биир туох эрэ муостаны тоҥсуйар үһү. Өссө күүскэ тоҥсуйар буолбут. Тиийэн биир хоhу көрбүттэрэ остуол туран эрэ атаҕынан хаамсатар үhү. Ол остуол эргэ баҕайы эбит, эрдэ онно хаста да таҥха кэмигэр сүүрдэ эҥин сылдьыбыттар. Дьэ оннук уолуйан хаалан баран көрөн турдахтарына эмискэ остуоллара хос иhигэр сүүрэкэлээн киирэн барбыт. Ону нэhиилэ уоту холбообуттарыгар остуоллара уоскуйан хаалбыт. Иннэ гынан сарсыныгар ол дьиэттэн тутатына көспүттэр.
Сотору кэминэн ол дьиэҕэ биир атын уол олоро кэлбит үһү. "Бу дьиэҕэ остуол эҥин сүүрэр" диэн этэ сатаабыттар, ону итэҕэйбэтэх. Кырдьык оннук уол оҕото сыл аҥара этэҥҥэ олорбут эбит. Дьэ арай биирдэ биир түүн остуола эмиэ ойуоккалаан, сүүрэн киирэн барбыт ону уол кыратык ол иннинэ "бырааhынньыктаан" баран сылдьыбыт. Уоту эмиэ нэhиилэ холбообут остуола уоскуйбут, ону уол ньиэрбинэйдээн остуол биир атаҕын тосту үктээн баран ампаарга таһааран быраҕан кэбиспит. Ол кэннэ ол уол биир да сыл буолбакка олох эрэйдэнэн ыалдьан өлбүт үhү.
Дмитрий Атласов 6 тохс 2010 0:48 Vkontakte.ru сайттан