Арай бу соторутааҕыта комндировкаҕа бара сырыттым. Нэһилиэктэрбит бэйэ бэйэлэриттэн ыраах бааллар, суол дьаабы..
Сарсыарда эрдэ утуйар утуйбат икки ардынан баран иһэн, арай көрбүтүм, туораан эрэр күөлбүтүгэр уу тахсыбыт, барыта уу... Ол үрдүнэн элээрдэн ахан иһэр эбиппит... куттанным ахан, суоппарга: "То5о бу уу тахыбытый?" - диэтим. Киһим соһуйбут баҕайытык миигин көрдө, онтон күллэ, уонна: "Бу күөл миражтаах" - диэтэ.Ол бу араас барыта илэ бу көстөр, киһи хараҕа бааллар үһү... Оннук эмиэ буолар эбит..
(ити Абыйга Сыаганнаах диэн нэһилиэккэ баран истэххэ Бэрдьигэстээх дуу, Дьахтар күөлэ дуу диэн күөлгэ..)
Галина Матвеева, 9 ахс 2009 16:29 Vkontakte.ru сайттан.