Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 28.05.2025 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
6 күнүнэн: 01.06.2025 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
8 күнүнэн: 03.06.2025 Саар Көстөкүүн күнэ. Анды кэлэр. Сайылыкка көһөллөр. Собо ыыр.
10 күнүнэн: 05.06.2025 Саар Көстөкүүн. Анды, ээбиллэ кэлэр. Бу күн ардахтаах буоллаҕына - күһүнэ ардахтаах.
12 күнүнэн: 07.06.2025 Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр.
         
    

Түүл-бит

Урукку ааспыт олохпор туолбут түүлэрбин кэпсиим дуу, ол эрэн хайдах саҕалыырбын билбэтим. Бэйэм биирдэ да суруйан холонно иликпин, оннон бар дьоммутан көрдөһүөм этэ, сыыһа буоллаҕына сэммэлээйэҕит. Чэ ол маннык этэ....

Биирдэ туhээтэхпинэ арай күп-күөх араас сибэккилээх хоннуу устун хааман иhэбин. Олох дьиҥнээх курдук, халлааным сайын буолан үп-үрүҥ быллыттаах. Дьэ баран иhэн арай көрдөхпүнэ сыыр аллараа сылгыллар мэччийэ сылдьаллар, кулуннаахтар эҥин. Ону көрө туран өйдөөн көрбүтүм арай сылгылар диэки кыырай күөх халлаантан мин көрдөхпүнэ улахан баҕайы хотой түhэн иhэр. Мин толкуйдуу барбакка сылгылар диэки сүүрдүм, сыыр үрдүттэн таҥнары сүүрэн түстүм да биир эриэн сылгыны сөбүлүү көрөөт хатааста түстүм уонна сылгыларбын үүртэлээн бардым (дьигинэн мин ат эҥин дьиэни хаhан да мииммэтэх киhибин). Дьэ оннук хонуу устун тэбинэн иhэн арай өйдөөн көрдөхпүнэ хотойум олох аны миигин сырсан иhэр эбит. Атым сыыры дабайан барда, ол дабайан иhэн өйдөөн көрбүтүм сиртэн тэйэн эрэр эбиппит. Тэйдэр тэйэн кыырай күөх халлааҥҥа таҕыстыбыт. Сииктээх салгын олох сайа охсон ааhар. Ол кудук халлааҥҥа көтөн тахсан, сири дойдуйну үөhээтэн көрдүм. Хотойум син биир сырсан иhэр этэ. Ол сыттан уhуктан хаалтым. Дьоммор кэпсээбиппэр маҕан сылгы эбитэ буолар кэргэннэнии бэлиэтэ диэбиттэрэ. Ону ол курдук умнан кэбиспитим. Үс хас ый ааспытын кэннэ, биир нап-нарын сэбэрэлээх кыыhы көрсө түспүтүм. Кини икки оҕолоох этэ. Өр кэмҥэ билсиһэ түһэн баран бииргэ буолбуппут. Дьон сэмээлиир саҥата элбэх этэ да буоллар, бииргэ буолбупут. Оҕолоро бастакы арахсыбыт кэргэниттэн этэ. Дьэ бу биир түүлүм. Маннык туолбут түүл элбэх. Эhиги туох дии саныыгыт.

Автора: Буолбут. Ykt.ru сайттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-29 23:59:01 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ