Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
3 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
6 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
7 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
8 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
9 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
10 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
13 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
         
    

Табалаах дьон

Мин биир дьикти түгэни кэпсиэм. Сэтинньи ый ортотун эргин. Мин табаарыспынаан куобахха туhах иитэн төннөн иhэбит (ол биhи туhахтыыр сирбит аата Эбээн хайата диэн, дэриэбинэбититтэн 6 км тэйиччи сытар). Ол төнннөн истэхпитинэ кэнибитигэр ыт саҥата бөҕө үрэр... 

Арай эргиллибиппит 12 табалаах киhи ойоҕуспутунан аастылар. Биhи хайдах эрэ кыл түгэн соhуйан туран хааллыбыт, онтон өй ылан куоттубут. Табаарыhым дэлээнэ суолун устун сүүрэ турда, мин айан суолугар сүүрэн таҕыстым. Дьиэбэр кэлбитим барытын истибиттэр, дьонум көрдүү бараары сылдьалар. Сарсыҥҥы күнүгэр нэhилиэк эр дьоно ол кэлэн ааспыт "эбээн" дьонун суолун көрдүү тахса сылдьан булбатахтар этэ. Ол кыhын дэриэбинэбитигэр "эбээннэри" көрбүт булчуттар элбэхтэр этэ. Мин дойдубар айылҕа таайылыбатах таабырына олус элбэх. Ол түгэн кэннэ көрө иликпин.

 

Егор Божедонов. 3 ахс 2009 20:51 Vkontakte.ru сайттан

Суруйда Baaska. 2011-12-27 01:48:37 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ