Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
3 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
6 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
7 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
8 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
9 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
10 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
13 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
         
    

Дьиэ

Биһиги нэһилиэкпитигэр удаҕан буолбакка, бэйэтэ күүстээх  энэргетикалаах эмээхсин олоро сылдьыбыт.. Сэбиэскэй былаас олохтонуута  өлөн хаалаахтаабыт..  Дьиэтин уотун былаастар ылбыттар. 

 

Ол кэмҥэ нэһилиэк саҥа тутуллан испит, онон тутууга кэлбит нууччалары ол дьиэҕэ олордубуттар. Арай киэһэлик үлэһит дьон аһаан-сиэн баран кыратык "тэп" гыннарбыттар, саҥалара - иҥэлэрэ элбээбит. Арай ол олордохторуна эмээхсин киирэн кэлбит, уонна: "Мантан тахсан барын" - диэбит. Оттон нууччалар туох диирин өйдөөбөтөхтөр, "Хата киирэн олорон, иһис" - диэбиттэр. Эмэмэхсин сонно кыыһырбыт, уонна тахсан барбыт. сотору буолаат дьиэ бары муннуктарыттан уот куйааран тахсыбыт, барыта умайан хаалбыт. Нуччалар сыгынньах куотан тахсыбыттар... Оттон ол дьиэ билиҥҥэ дылы турар. Олохтоохтор куттаналлар, ол иһин көтүрбэттэр, аттыгар улаханнык саҥарбаттар, хотя бөһүөлэк ортотугар үчүгэй баҕайы сиргэ турар дьиэ...

Галина Матвеева. 23 сэт 2009 8:50. Vkontakte.ru сайттан

Суруйда Baaska. 2011-12-27 01:13:51 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ