Саас доҕотторбун кытары кустуу бардыбыт.Онно тыаҕа биир дьиэ баар, уруккута оччуттар дьиэлэрэ, ол иннинэ хаста да хоно сылдьыбыппыт...
Дьэ тиийдибит, уолаттар бэйэҕит да билэргит буолуо, кыратык "кыратык аhаатыбыт-сиэтибит". Дьэ утуйаары сыттыбыт, биир табаарыhым таhырдьа таҕыста. Бары утуйа сыталлар, мин хайдах эрэ уум кэлбэтэ. Онтон сотору буолан баран таhырдьа тахсыбыт табаарыhым киирдэ. Арай киhим аhыыр остуолга кимниин эрэ кэпсэтэр эҥин. "Арааhа бу киhи холуочуйбут быhыылаах" диэн толкуйдуу сыттым. Арай киhим эмискэ туран кэллэ уонна истиэнэни саайда. "Хайа, хайдах буоллун?" - диэтим. Табаарыhым: "Ханна барда били киhи?" - диэтэ. Мин хайдах эрэ өйдөөбөтүм. Онтон киhим кэпсиир: Таhырдьа тахсыбыт, арай биир киhи хаама сылдьар эбит. Кэпсэппиттэр эҥин. ол киhи "маннааҕыбын" диэбит. Дьиэҕэ киирбиттэр, чэй эҥин куппут, кэпсэппиттэр хайаабыттар. Онтон эмискэ этиhэн турдубут диир, уонна охсубут, истиэнэни саайдым диир, киhитэ сүтэн хаалбыт. Онтон ыйытар: "Көрбөтөҕүн дуо?". Мин соҕотох киирбитин, уонна кимниин эрэ кэпсэтэр этэ ону барытын мин илэ харахпынан көрө сыттаҕым дии. Сарсыныгар тутатына дьиэлээбиппит. Онтон ыла ол дьиэҕэ хоно иликпин.
Дмитрий Атласов . 22 сэт 2009 1:34 Vkontakte.ru сайт