Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
4 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
7 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
8 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
9 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
10 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
11 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Балыыһаҕа сытан

Мин биирдэ улаханнык ыалдьан тыа балыыһатыгар эмтэнэ сыттым. Палатаҕа түөрт буолан сытабыт.

Биир кырдьаҕас эмээхсин баар этэ,  киэһээ аайы мунна тыаһаан  сүгүн утуппат буолааччы. Дьэ, утуйа сыттыбыт. Түүн ортотун саҕана мурун тыаһыттан уһуктан кэллим. Палаата иһэ хабыс хараҥа. Ол сытан хараҕым хараҥаҕа үөрэннэ, ону-маны боруҥуйдан көрөр буоллум. Арай көрдөхпүнэ ким эрэ миэхэ иһэр!.. Чугаһаан кэллэ уонна ырдьайа-ырдьайа моонньубар түһэ сатыыр. Мин хабарҕабын туттарымаары хаһыытыы, мөхсө сатыыбын. Киһи кыһыйыах саҥам олох тахсыбат. Ол да буоллар бэриммэппин, мөхсө сытабын. Онтон били баҕайы эргиллэ биэрдэ да, муннук диэки сытар чүөчэҕэ барда. Онно өйдөөн көрбүтүм уһун маҥан ырбаахылаах уонна санныгар дылы баттахтаах эбит. Сотору буолан баран анарааҥҥы чүөчэм ынчык бөҕө буолла. Мин куттанан суорҕаммын бүрүнэн кэбистим.

Сарсыарда турбуппут били чүөчэм сирэйэ-хараҕа мөлтөх. мин киниэхэ чугаһаан кэлэн бөөлүүҥҥү түбэлтэни кэпсээтим, "эн диэки барбыта" диэни көтүтэн туран. Онуоха чүөчэм соһуйда аҕай, оруобуна били дьахтары ойуулаата. Ол аата мин түһээбэтэх эбиппин...

Ол чүөчэ дойдутугар баран өлбүт сурахтааҕа. Мунна тыаһыыр эмээхсин баар, билигин сааһа аҕыс уона. Мин этэҥҥэ сылдьабын. Бу диэн санаатахха, ол чүөчэҕэ барыахтааҕын буккуйан, миэхэ кэлэ сылдьыбыт эбит дии санаатым. Билигин биирдэ эмит ыарыйдахпына палаатаҕа соҕотоҕун отой сыппаппын. Иккиһин хатыланыа диэн куттанабын..

Мила. "Туймаада уоттара" хаһыат.. Ахсынньы 15 күнэ, 2011 сыл.

Суруйда Baaska. 2011-12-15 22:11:20 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ