Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 14 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
4 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
7 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
8 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
9 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
10 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
11 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Таайыллыбат таабырыннар

Өлүөнэ өрүс аатырар түөр уон арыыларыгар бултуур киһи кэпсииринэн "Буранынан" төттөрү-таары сылдьар ыырыгар, 50-70 миэтэрэ кэриҥэ  уһуннаах өрүү чоҥкуйа кырыаран хааларо сир баар үһү. Тоҕо, туохтан оннук кырыарара таайыллыбат таабырын диир.

Оттон Куокуй бөһүөлэгиттэн үс километрдаах сиргэ трактор биир ускуораһынан айаннаан иһэн, эмиэ 60-70 миэтэрэ сиргэ таһаҕаһын кыайбатах оҕус курдук эмискэ бытаарар сирэ баар. Ол сири ааста даҕаны эмиэ урукку тэтимин ылан барар. Бу сиргэ оннук ханнык эрэ  күүстээх магнит тардарын курдук буолар. Ону үөрэхтээхтэр туох диэн быһаараллара эбитэ буолла.

Кальвицаҕа 1972, 1984, 1996 сс. саас Бөргө үрэх эстэригэр өрүһүн балыга  өлөн устубута. 2008  сыллаахха улахан харыы тахсан сатаан кэтээн көрбөтөхпүт. Ити туһунан 1972 сыллаахха Гуляев Бүөтүр диэн 90-тан  тахсыбыт оҕонньортон ыйыппыппар: "Тоҕойуом, айылҕа бэйэтэ айбытын сотору-сотору көҕүрэтэр. Урут эмиэ хаста да көрбүтүм", - диэбитэ. Ити тоҕо 12-лии сыл буола-буола хатыланара буолуой? Анал үөрэхтээх дьон ону туох диэн быһаараллара буолла. Атын үрэхтэр балыктара тоҕо эрэ итинник өлбөт ээ.

Иван Спирдонов, тыыл, үлэ ветерана. Кэбээйи, Куокуй. "Саха сирэ" хаһыат от ыйын 23 күнэ, 2009 сыл.

Суруйда Baaska. 2011-12-14 15:29:29 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ