Меркурий Винокуров
Бырааппыныын кустуу сылдьабыт. Им балай хараҥа. Күһүн. Түүн биир чаас диэки. Сарсыардааҥҥы куhу кэтэhэн олорбуппут. Арай чуумпуга субу кэннибэр өтөххө оҕо күллэ!
Бырааппыттан ыйыппыпар, истибэтим диэтэ. Бөhүөлэккэ ыт үрэрэ нэhиилэ иhиллэр. "Глюк" эбит диэн буолла. Сотору эмиэ күллэ! Хайдах эрэ соруйан биhигини куттуур курдук, адьас илэ барда. Миэстэтэ көhө сыддьар дуу, хастар да дуу. Быраатым тэҥҥэ истэр. Салла санаатым: сэрэтэр дуу, эбэтэр барбатахпытына иэстэhиэ - дии санаатым. Дьиэлээтибит түүннэри. Ол өтөҕү ортотунан аастыбыт. Тыаһырҕаныы ынырыга. Быраатым саатыттан ботуруонун ыллардым, соhуйан миигин ытыа дйэн. Саатар туох да көстvбэт, мастан иннэн охто сыспыппар ыhыы-хаhыы, маат-муут бөҕөтө буоллубут. Батыhыа диэн өтөхтөн кэннибитинэн хааман тахсыбыппыт, үрэҕи атын сиринэн кэhэн туораабыппыт. Кутталга киhи өйө үлэлиир эбит.
vkontakte.ru сайттан. "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан. 31 алт 2009 1:46