Балтараа сүүс сыл анараа өттүгэр Илин Хаҥалас улууһугар 2 - с Тыыллыма нэһилиэгэр Халый диэн дьикти киһи олорон ааспыта үһү. Хас да бииргэ төрөөбүт убайдааҕа уонна бырааттааҕа, ийэлээх аҕата сир түннүгэ дьон эбиттэр.
Халый аҕыйах саҥалааҕа, өрүү күн тура-тура үлэлиирэ. Кый бырах баран хас да хонон кэлэрэ, онно кини ханна сылдьарын ким да билбэтэ-көрбөтө, эбэтэр аһылык наада диэн астаах барбата үһү. Ол иһин уорбалаан бу абааһыга барар буоллаҕа диэн быһа тойоннууллара. Уончалыы - уон биэстии хонон кэлбитин иһин дьүдьэйбэтэ, аччыктаабата үһү.
Халый ханна барыах буолла да, сонно ким да көрбөтүнэн биирдэ баар эрэ буолара, суолга суола суоҕа, арай суол буора биир кэм өрө көтөн субуллан иһэрэ үһү.
Күһүн муҥхаҕа өрүү таптаан сылдьара, ол күөлтэн балык кыайан сиэммэт буоллаҕына, Халый өрүү ытыы сылдьара үһү, онтон элбэх балык сиэнэр күөлэ буоллаҕына, ис иһиттэн имэҥнээхтик, ичилээхтик күлэн алларастыы сылдьар буолара үһү, онон, хара бастакы үлэлиэхтэн билэрэ дииллэр.
Тоттук баай тойоттор дьиибэлэнэн. Халыйы күөлгэ ыыппакка тутан олорон баран, эттээх ат торҕо бөтөрөҥүнэн тиийдэхтэринэ, хайы үйэҕэ киһилэрэ кэлэн нырыы нырыылыы сылдьар буолара үһү.
Саха ыалын халандаара - 2008