Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
4 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
7 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
8 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
9 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
10 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
11 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Куба кырыыhа

Бу сэттэ уонус сыллардаахха буолбута. Оччолорго, бэл, бөһүөлэк чугаһынааҕы тыаларга, күөллэргэ көтөр-сүүрэр, кус-хаас дэлэгэй буолара. Билигин ол дойдуга сир аһын да дэҥҥэ көрөҕүн. Урут буоллаҕына хаптаҕаһы сирэн үргээбэт этибит.

Биһиги алталаах-сэттэлээх биир уулусса уолаттарабыт. Күнү быһа оонньоон тахсабыт: саамай сылбырҕабыт Бүөтүккэ күрүөҕэ сымсатык хатаастар, моҕотойу сүүрэн эккирэтэр, биирдэ адьас даҕаны ытыһын суулуу тутан баран умса түһэн баран «туттум-туттум» диэн хаһыытыыр. Көрбүппүт уолбут моҕотойу кутуругуттан таҥнары ыйаан турар. Моҕотой мөхсө сатаан баран Бүөтүккэни илиититтэн «хап» гыннарда быһыылаах, уолбут часкыйан баран моҕотойун ыһыктан кэбиһэр.
Бүөтүккэ аҕата Кынаачай — улахан булчут киһи. Саас буоллар эрэ дурдаҕа сытан дэриэбинэттэн чугас Арыылаах күөлгэ кустуу тахсар. Биирдэ Кынаачай саас хойутуу Арыылаах күөлүн үрдүгэр икки куба устан ньолбоһо сылдьалларыттан биирин бултаан турар. Дэриэбинэҕэ ол улахан сонун. Нэһилиэк кырдьаҕас оҕонньотторо бука бары «кубаны өлөрүү сэттээх буолуо, кубаҕын чуучала оҥорон баран оскуола мусуойугар туттаран кэбис, уоккун алҕаа» эҥин диэн араастаан сүбэлииллэр. Кынаачай буолар буолтун кэннэ, тэҥнэһиэ дуо, били кубатын сүлэн ылан чуучалалаан оскуола мусуойугар туттаран кэбиһэр. Оттон Арыылаах күөлүн үрдүгэр доҕорун сүтэрэн соҕотох хаалбыт куба аймана-аймана уһун сайыны быһа барбакка сылдьыбыта. Ити сайын Кынаачай уола Бүөтүккэ, биһигини кытта бииргэ оонньуур хоһуун уолбут, ууга түһэн өлөн хаалбыта. Ону бука бары: «Куба кырыыһа тиийбитэ» диэн кэпсэтэллэрэ. Онон, айылҕа маанылаах көтөрүн кубаны өлөрөр сэттээх-сэлээннээх буолар эбит этэ. Кэлин алта-сэттэ сылы быһа соҕотох хаалбыт куба сылын аайы кэлэн барара, Арыылаах күөлүн эргийэ көтө сылдьан сүтэрбит доҕорун көрдөөн айманара.

Мэхээлэ Батаапап, Чурапчы. http://joker.ykt.ru сайттан. Эрилик Дархан таһаарыыта.

Суруйда Baaska. 2011-12-12 01:31:29 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ