Туйаара Аманатова
Биири кэпсиэм, сымыйата дуу, дьиҥнээҕэ дуу, учуутал кэпсээбитэ. Кини үөрэнээччитэ, эһээтэ, эбээтэ уонна суоппар буолан Чакыр диэн дэриэбинэҕэ (Амма улууһугар) айаннаан испиттэр.
Арай суолга биир улахан баҕайы киһи куоластыыр. Тохтообуттар. Иннигэр уол эһээтэ олор эбит. Ааны аһаат ол улахан киһи оҕонньору харбаан ылбыт, уола көрбүтэ ол киһи илиитэ барыта түү эбит. Эмээхсин куттанан өйүн сүтэрэн кэбиспит, уол суоппары кытта куоппуутар, онтон суоппар: "Бээрэ, саалаах этим, эн Аммаҕа сүүрэ тур, дьонно ыҥыр" диэн төннө түспүт. Уол 10 км быһа сүүрбүт. Дьоннору кытта төннүбүттэр, массыынанан. Көрбүттэрэ улахан түүлээх киһи суоппар атаҕын кирэ турар үһү, уонна дьон элбэҕин көрөн тыа диэки сүүрэ турбут. Эмээхсин сүрэҕэ тохтоон өлөөхтөөбүт. "Мэнээх кимиэхэ да кэпсээмэн" диэбиттэр да уол учуутала биһиэхэ барытын кэпсээбитэ...
Абааһылаах кэпсээннэр группаттан. Vkontakte.ru