Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
4 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
5 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
8 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
9 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
10 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
11 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
12 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Хоруу

Иннокентий Огочонов

Биирдэ кыра оҕо эрдэхпинэ кэпсээн турардаахтар. Дэриэбинэбэр Куола диэн киһи баар ол киһи эдэр эрдэҕиттэн опыттаах тракторист эбит, ол сылдьан хайа эрэ табаарыһын илдьэ бултуу таарыйа "хоруу хастара" диэн барбыттар, ол сылдьан табаарыһа кустуу барбыт, кини хоруу хаһа сылдьыбыт.

Киһи уҥуоҕун таһынан арай сиэркилэтин көрдөҕүнэ киһи батыһан иһэр эбит, дүҥүрдээх. Ону көрөн "туох киһитэ буоллаҕай" диэн тохтоон кэннин хайыһан көрбүтэ киһитэ суох эбит. Дьиибэргээбит, онтон киэһэ аһаан баран утуйа сыттаҕына түүлүгэр көстөн кэлэр эбит, сарсыарда туран баран умнан кэбиспит, табаарыһыгар эппит: "Дьикти, өйдөммөт баҕайы түүлү көрдүм, баттаттым быһыылаах" - диэбит, ону табаарыһа: "Хоруу хаһа сылдьар сирин таһыгар ойуун унуоҕа баар буолуохтаах, ону тыыппатын, таарыйбатын ини" - диэбит. Ону биирэ "билбэтим" диэбит, ол курдук салгыы үлэлии барбыт, ол сырыттаҕына эмиэ көстөн кэлбит. Үлэбин бүтэрбэт эбиппин диэн ыксаан төннүбүт, сүгүннүө суох диэн үһүс күнүгэр табаарыһыгар кэпсээбит, онтон киэһэ оннук эрэйдэнэн төннөн кэлэн саатын ылан ытынаары олордоҕуна табаарыһа саатын туора охсон сыыһа халты ытыммыт, ол кэнниттэн көстүбэт буолбут. Кэлин билбитэ ойуун уҥуоҕун тоҕо күрдьэн ааспыт эбит. Онон айылҕаҕа сэрэхтээх буолун.

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-11 22:02:50 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ