.
|
|
Билигин сайтка 2 киһи баар |
Сотору: 1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх. 13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Кустуу сылдьан
Мин саас биирдэ кус маныы икки куол ыккардыгар олорор буоллум. Хараҥарбытын кэннэ чэйдии таҕыстым, ол олордохпуна биир киһи тиийэн кээллэ.
- Хайа кус ыта сыльдаҕын дуо? - диэн ыйытар. - Эн кимиҥий? - диибин - Ээ.. Мин ити күөл уҥуор баар киһибин - диир киһим. Күнүс чэйдии олорон бииргэ кустуур биир оҕонньор: "Бу күннэргэ масчыттар кэлиэхтээхтэр" - диэбитэ. Олортон кэллэҕэ диэн кутаматым. Киһим: "Табаххытан биэр эрэ" - диэн көрдөөн ылла . Уонна табахтаабакка сытырҕалыыр эрэ. "Бу билиҥҥи табаахтара үчүгэй да буолар эбит" - диир. "Хайдах эрэ киһи", диэн санаан ыллым да ол курдук хаала. Онтон куспун маныы киирдим, киһим барда. Сасыарда үүчэмитигэр тиийэн оҕоньорго этэбин: "Масчыттарбыт кэлбиттэр" - диибин. - Эс кэлэхтэринэ манан аһыахтаах этилэр - диир - Онтон бу түүн миэхэ биир киһи кэлэн ити уҥуор сытар киһибин диэбитэ дии - диибин. - Ээ.. Оччоҕо били баҕайы бэйдиэ хаама сырыттаҕа - диир оҕонньорум. Уонна манныгы кэпсээтэ: "Сэрии кэннэ бу манна олорор эрдэхпинэ, бэйэлэригэр тиийимит дьону ити күөл уҥуор таһааран көмөллөр этэ. Олортон биир илэ барбыт дууһа баара, ол сырыттаҕа дии" - диэбитэ. Күнүһүн күөл уҥуор баар киһи уҥуохтарын көрө бардым, онно тиийбитим биир уҥуох дуома курдук үрдүгэр , бэҕэһээҥҥи миигиттэн ылбыт бөппүрүөскэм сытар этэ онно. Ykt.ru Автора: Короочу
Суруйда Baaska. 2011-12-06 01:49:45 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|