Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 1 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
Сотору:
4 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
5 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
8 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
9 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
10 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
11 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
12 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Аттыгар олорор киһиттэн ыйыт

Иннокентий Огочонов

Диэ.миэхэ дьикти сонуну кэпсээн турардаахтар, Үөһээ Бүлүү улууһун Туобуйа нэһилиэгэр буолбут түбэлтэ. Биирдэ икки студен уол дэриэбинэҕэ куораттан оттуу диэн тахсыбыттар.

Ыһык - өйүө ылан биэс көс кэриҥэ сиргэ дьонноругар көмө буола барбыттар, ол сылдьан халлаан хараҥарарын саҕана суолларын аҥарын баран иһэн дьон тохтоон ааһар үүтээнэ баар эбит, онно тохтоон сынньанан ааһарга санаммыттар. Киэһээҥҥилэрин аһаан, сирдэрин аһатан, водка иһэн баран утуйаары сытан биир уола ыйыппыт: "Нохоо, өссө төһөнү хаамабыт" - диэн. Ону биирэ уутугар аҥаарыйа сытан: "Аттыгар олорор киһиттэн ыйыт" - диэбит, ону биирэ "кимтэн" диэн баран өйдөөн көрбүтэ атаҕар оҕо олорор эбит. Ону көрөн саҥарбыт уол куотан тахсаатын кытары иккис уол куотан тахсыбыт, уонна дьоҥҥо тыллаабыттар. Билбиттэрэ урут кыра оҕо мунан өлбүт, ону дьоннор көрдөөн булбатахтар, уонна кэлин ол өлбүт сирин үрдүгэр алҕас үүтээн туппуттар, ол иһин көстөр эбит...

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан

Суруйда Baaska. 2011-12-11 21:44:30 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ