Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
Сотору:
4 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
5 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
8 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
9 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
10 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
11 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
12 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Түүҥҥү хаһыы

Дмитрий Федоров

Биирдэ күһүн балтыларбын кытары отонноон баран сайылык дьиэҕэ хоно кэллибит. Күһҥҥү халлаан хараҥатын бэйэҕит да билэн эрдэххит. Дьиэни аһара оттон кэбиһэн сөрүүкэтээри ааны аһан баран кэпсэтэ - кэпсэтэ аһыы олордубут.

Таһырдьа хабыс-хараңа, чүмэчиннэн сырдатынабыт. Арай доҕоор, арыы тыа диэкиттэн ынырык баҕайы дьахтар хаһыыта иһилиннэ. Тылбытыттан матан хааллыбыт, кыргыттарым кулгаахтарын саба туттан баран олороллор. Мин ааны саба охсон хатаатым. Итинник иккитэ - үстэ хаһыытаан баран сүттэ. Ол түүн сээбэҥнээн аанньа утуйбатахпыт. Саабын хоонньубар уктан баран сыппытым. Кэлбитэ буоллар хайыам эбитэ буолла.

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-11 21:42:58 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ