Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
Сотору:
5 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
6 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
9 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
10 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
11 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
12 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
13 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Эһээ

Александр Андреев

Мин бииргэ үлэлиир уолбуттан биир кэпсээни истибитим. Оҕо сырыттаҕына алталааҕа - сэттэлээҕэ эбитэ дуу, эhэтэ ыалдьа сыппыт, аны биир баар суох сиэнэ эбит бу оҕонньор.

Арай түүн уол туспа хоско утуйа сыппыт, ийэтэ түүҥҥү ньээнькэ эбит, онон аҕата уонна эhээтэ эрэ бааллар. Уолбут түүн ортотугар дьон санатыттан уһуктан кэлбит, иhиттэҕинэ эhэтэ кимниин эрэ кэпсэтэр эбит.
Эhээтэ: Суох, сиэммин тыытыман, биир баар суох уолум оҕото, мин кырачааммын - дьиирин.
Арай билбэт куолаhа санарар: Оччоҕо бэйэн барыс - дьиэбит.
Оҕонньор "сөп" эрэ дьиэхтээбит.
Ол сарсыҥҥытыгар эhээтэ эрэйдээх тыына быстыбыт этэ. Аҕыйах хонугунан эhээлэрин тэллэҕин анныттан сурук булбут этэ аҕата, онно эhэтэ уолугар өссө ыалдьа сытан суруйбут эбит: "Мантан көһөн барын, уолгутун куоттарын" - дьиэн.

Кэлин улаатан баран уол аҕатыгар эhэтэ өлөр түүнүгэр тугу истибитин кэпсээбит. А5ата эппит этэ ол кэннэ: "Эhээбит биhигини харыстаан бэйэтин туран биэрбит, ол иhин да суругун кистэн кэбиспит, абааhы истиэ дьиэн тылынан эппэтэх эбит" - дьиэн.

vkontakte.ru

Суруйда Baaska. 2011-12-11 17:39:01 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ