Данил Ноговицын
Биир үтүө сайын 8-9 кылааска саҥа окко кирии саҕана быһыыта, от охсон дьэлээн иһэн.
5 - с кылаастан мотоциклга үөрүйэх буолан холкутук, ыксала суох сылдьарым. Аҕам ыарыһах буолан со5отох сылдьан от охсор этим. Бараары туран 3 киһи от охсо сылдьарын көрдүм, биирдэрэ улахан баҕайы киһи бастакы, ортолоругар бөгдьөллөн орто соҕус, эккирэтиэн иһэр биир киһилээхтэрэ кыра хатыҥыр. Интириэһэ диэн киһи кыайан оттообот сирин хабар ортотугар, дулҕата, киһи ахтатынан уута. Суолум киннэр тастарынан ааһар буолан тохтоон ааһыам дии санатым. Хаһан сатыылаан, сатаатар мотоциклым тэйинчи турар, үрүйэ уҥуор, эһэн тиийиэхпэр диэри дьоммун сүтэрэн кэбистим. Баран эрэллэр диэн түргэтээн биэрдим. Чугаһаан баран көрдүм: от охсуллубута биллибэт, тэлии да суох. Дьиктиргээһин барда. Бэйэҕит сэрэйэргит буолуо, ол кэнниттэн дьиэбэр кэлбиппин билбэххэ хааллым. Ол сайын 3 киһи утуу субуу өлбүтэ, дэриэбинэбитигэр.
vkontakte.ru