Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
Сотору:
5 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
6 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
9 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
10 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
11 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
12 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
13 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Икки дьахтар

Мария Макарова

Бу түбэлтэни эдьиийим кэпсээбитэ, өрдөөҕүтэ буолбут... Эдьиийкээним үөрэҕин бүтэрэн оройуоҥҥа детсадка баспытааталынан үлэлии киирбит. Төрөппүттэр оҕолорун хойутуу баҕайы ылаллар үһү, онон дьиэтигэр наар хараҥарбытын кэннэ тиийэр эбит...

Аны дьиэтэ дэриэбинэ таһыгар тыа быыһынан бардахха баар этэ... Арай биир үтүө күн киэһэ дьиэлээн испит, тыа быыһынан. Ол баран истэҕинэ утары икки дьахтар хааман иһэллэр үһү, ааһан барбытын кэннэ хайдаах эрэ куйахата күүрбүт уонна эргиллэн көрбүтэ били дьахталлара эккирэтэн аҕай иһэллэр үһү... Эдьиийим барахсан уҥуоҕа халыр босхо баран атаҕа быстарынан сүүрбүт... Онтон тыа саҕатыгар тахсан баран кэннин хайыһан көрбүтэ ким да суох үһү... Дьиэтигэр тиийэн нэһиилэ уоскуйбут, сарсыныгар ыала эмээхсиҥҥэ тугу көрбүтүн кэпсээбит, ону эмээхсин: Эн мантан көһөн бар, сүгүннүө суохтара" - диэбит... Билиҥҥээҥҥи диэри санаатаҕына куйахата күүрэр үһү... Ити эмээхсин тоҕо иннэ диебитэ болла диэн токкуйдуур...

vkontakte.ru

Суруйда Baaska. 2011-12-11 17:16:44 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ