Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
5 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
6 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
9 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
10 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
11 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
12 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
13 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Остуол

Наталья Владимирова

Былыр, икки оҕолох ыaллaр олорбуттaр, aҕaлaра бултуу бaрбыт, ийэлэрэ куруутун хотонугaр сылдьaр үһү, ону ийэлэрэ хотонугaр тaхсaрыгaр оҕолоро куруук сaйыһaн тaхсaллaр, "киһи бaaр" диилэр үһү.

Арaй биир күн ийэлэрэ буоларын курдук хотонугaр тaхсaн бaрбыт, оҕолоро оонньуу олордохторунa үөһээ муннуккa киһи ыйaнaн турaрa көстөн кэлбит, оҕолор куттaнaн бaрбыттaр, эмискэ ыйaммыт киһилэрэ өлөн хaaлбыт хaрaхтaрынaн оҕолору көрбүт, уонна кинилэр диэки устaн бaрбыт, оҕолор ытыы-ытыы куоппуттaр, дьиэ иһигэр, төкүнүк сaхaлыы остуоллaрын тулa сүүрэ сылдьыбыттaр, онтон оҕолор ыксaaн остуол aнныгaр киирэн хaaлбыттaр. Ыйaммыт киһилэрин үс aтaхтaaх остуол киллэрбэтэх, Ону өлбүт киһи остуол aннын өҥөйөн бaрaн турбут. Ийэлэрэ оҕолоро ытыыллaрын истэн сүүрэн кэлбитэ оҕолоро мaҥaн бaттaхтaaх остуол aнныгaр ытaһa aҕaй олороллор үһү...

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.

Суруйда Baaska. 2011-12-11 16:39:45 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ