Күннэй Дьяконова
Биирдэ биир ыал аҕата кэргэнин кытары этиһэн баран дьиэтиттэн тахсан баран хаалбыт, ол саас этэ, оннук гынан сураҕа суох сүтэн хаалбыт, көрбүөччүлэри эҥин ыҥыран көрдөтө сатаабыттара да көстүбэтэҕэ.
Номнуо үс сыл ааспыта... Ол кэмҥэ кинилэр ыаллыы ыаллар аҕалара бултуу сылдьан ойуурга киһи уҥуоҕун (дьардьаманы) көрөн баран кимиэхэ да тыллаабатах, аны 1 сыл болан баран ол ыаллара киһи улахан уолунаан (оскуола .оҕото) куобахтыы тахсыбыттар. Ол сылдьан ойуурга уолун сүтэрэн кэбиспит, дэриэбинэ дьоно бары көрдүү барбыттара, иннэ гынан хата булбуттара, нэһиилэ. Ол кэннэ биирдэ эппит этэ уол аҕата, киһи өлүгүн булбутум диэн. Эрдэ эппитэ боллар уола сүтүө суоҕа этэ.
Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.