Лидия Никитина
Биир эдэр ыаллар хайа эрэ дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр, кыра оҕолоохтор эбит. Саҥа кэлбит ыалга бэлэм ремоннаах дьиэ биэрбиттэр. Олорбуттар. Биир муннукка куурусса атыылаһан онно курятник туппуттар.
Түүн аайы кууруссалара айдааран утуппаттарын иһин кэнники билэр ыалларыгар биэртэлээн кэбиспиттэр. Биир күн кыыс дьүөгэтэ дойдутуттан кинилэргэ күүлэйдии кэлбит, кэпсэтэн ипсэтэн киэһээ ол кыыс :"Ээ мин оҕону кытта утуйабын", - диэн оҕону кытта утуйбут. Арай түүн алдьархай хаһыыттан уһуктан кэлбиттэр. Кыыстара сатаан саҥарбат да гына харааччы иирэн хаалбыт, ытыыр эрэ эбит. Онтон оҕолоро иэрийэ - иэрийэ ытаабыт. Быраас ыҥырбыттар, муҥурдааҕа дуу, туга ду диэн сатаан быһаарбатахтар, сотору буолан баран оҕолоро өлөн хаалбыт. Дьэ бары ытаан - соҥоон оннук арахсыбыттар. Кэм бириэмэ ааспытын кэннэ милииссийэлэр ол дьыаланы арыйарга санаммыттар. Доппуруоска били ыалдьыт кыыс дьэ эппит: "Арай түүн эмискэ уһуктан кэлбитэ курятник иһиттэн биир эмээхсин дуу, дьахтар дуу тахсан оҕоҕо хааман кэлбит. Чугаһаабытыгар көрбүтэ ынырыктаахай дьулаан дьүһүннээх эбит: мунна барыта сытыйан түспүт, сирэйэ барыта ириҥэ баас, ханна эрэ ол быыһыгар харахтаах, айахтааҕа дуу, суоҕа дуу, аҕыйах салаа баттах элээмэлээх эбит, уонна кэлэн оҕо иһин убахтаан киирэн барбыт". Ону көрөн хаһыытаабыт эбит. Ырытан көрбүттэрэ ол дьиэҕэ урут хаһан эрэ араҥ ыарыынан ыалдьар дьахтары олордубуттар эбит. Ыарыытын тулуйбакка били курятник тутуллубут миэстэтигэр ыйанан кэбиспитэ диэн кэпсээбиттэр. Ол буоллаҕына быатын арааралларыгар быһан ылан баран кыра ордугун ылбатахтар. Үрдүнэн дьиэни оҥороллоругар ДВП-нан сабан кэбиспиттэр эбит.
Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.