Константин Корнилов
Арай биир киһи атын дэриэбинэтэн мотуорунан дьиэлээн испит , олорор дэриэбинэтигэр дылы уон икки километр хаалбытын кэннэ мотуора алдьанан хаалбыт, хата ол аттынан отчуттар хонор сарайдара баар эбит, онно хоно тахсыах буолбут.
Көрдөҕүнэ сарайга чүмэчи уота умайар үһү... "Хата дьоннор баалар эбит" - дии санаабыт, сарайга киирбитэ өлбүт дьонор олоролор үһү. Киирбитигэр биир киһи испиэһэги көрөн бараан эппит: "Эн испиэһэккэ суоххун, биир чааска дьиэҕэр тиийэ тардыбатахына өлүөн", - диэбит (ол дэриэбинэҕэ түүн биир чааска уот барар, онуоха дылы дьиэтигэр тиийиэхтээх). Оччону истэн баран туруо дуо, дьиэтин диэки тэбиммит, уонна хайдах дьиэтигэр тиийэн аанын сабаатын кытта уота баран хаалбыт. кыл мүччү баттаспыт. Ол сиртэн дьиэтигэр диэри 30 мүнүүтэнэн кэлбит.
Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.