Ника Семенова
Аҕам кэпсээбитэ. Соҕотоҕун оттуу сылдьыбыт, аттыгар ким да суох арай ыта эрэ баар эбит. Оттуур сирэ Араҥастаах диэн, онно былыргы киһи уҥуохтара бөҕө бааллар.
Бүтэн баран нуктаан бугулга ойонон сылаатын таһаарарга санаммыт, ол сытан саҥа дьэ утуйуох буолан эрдэҕинэ туох эрэ мээчик курдук хара атаҕыттан тардыбыт, уонна соспут. Ону аҕам ким состоҕой диэн баран тэппит, онуоха ол мээчигэ бугул кэннигэр баран сүтэн хаалбыт. Онтон ыта улуйа - улуйа отууттан сүүрэн кэлбит, уонна онтон ыла оттоьо барсыбат буолбута. Аҕам ону биһигини куттаамаары өр кэмҥэ эппэтэҕэ. Кэлин истэн баран элбэх буолан барабыт эбэтэр эрдэ кэлэбит. Ийэм этэринэн сирин аһаппатах уонна эрдэ окко киирбит диэбитэ. Эһиилигэр от саҕана аҕам муҥурунан балыыһаҕа киирэ баран күһүн биирдэ тахсыбыта, онон туох эрэ сибээстээх дии саныыбын.
Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.