Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
4 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
9 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
10 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
13 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
         
    

Суоруна

Иванна Софронова

Ийэм кэпсээбитэ Нам улууһугар буолбут түбэлтэ... Арай биирдэ эһээлээх эбэбэр суоруна наада буолбут. Ону эһээм биир өтөххө көрбүтүм, ону аҕалыам диэн баран, атыгар ойон тахсыбыт да сүүрдэ турбут.

Ол сиригэр тиийбитэ дьиэттэн ампаарга маҥан таҥастаах киһи ааспыт, эһэбин ол да тохтоппотох, бачча ыраахха кэлэн баран ылан баран биирдэ барабын диэбит... уонна ылан тахсыбыт. Эһэм ата сиргэнэн кэдэҥнээһин бөҕө буолбут, куота сатыыр үһү, ону кыыһыра - кыыһыра күүһүнэн суорунатын атын үрдүгэр бырахпыт. Олорон быатын сүөрээтин кытта ата буулдьалыы дьиэтин диэки ыстаммыт... Арай ата сотору сотору тыбыырар үһү, эһээм өйдөөн көрбүтэ кэннилэриттэн хара мээчик саҕа туох эрэ эккирэтэн иһэр үһү. Ситээри гыннаҕына ата тыбыырар үһү, оччоҕуна хаалан хаалар. Ити курдук отой хаалбыт, сиппэтэх... Сиппэтэҕэ үчүгэйгэ, сиппитэ буоллар туох эрэ куһаҕан буолуо этэ диир үһү эһэм кырдьан олорон...

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.

Суруйда Baaska. 2011-12-09 22:16:21 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ