Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
4 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
9 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
10 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
13 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
         
    

Хоту сир дьиктитэ

Александр Гермогенов

Бу хоту дойдуга буолбут түбэлтэ. Урут хаhан эрэ биир булчут мунан хараҥаран хаалбыт. Баран иhэн биир балаҕаҥҥа кэтиллэ түспүт. Таһыттан көрдөххө эргэ баҕайы эбит...

"Манна хонон аһыам" - дии санаабыт, атын баайан балаҕаҥҥа киирбитэ эмэхсиннээх оҕонньор олоролор үһү. Балаҕан иһэ ып ыраас, оһохторо оттуллан турар, баҕар сылайбыт санаабар өйдөөн көрбөтөҕүм буоло диэбит... Ыалдьыттарыгар остуол тардыбыттар. Аһаары олордохторуна булчут уол хайдах эрэ сэрэхичийбит. Этэрбэһин быатын баммыта буолан олорон остуол аннын көрбүтэ дьонноро атах буолбакка туйах эбит. Булчут куттаммытын биллэрбэтэх. Олорон эрэ холку баҕайытык - "атым ыҥыырын дьиэҕэ киллэриэм уонна аппын ыытыам" диэн аа - дьуо таҥнан таһырдьа тахсыбыт, дьэ уонна атыгар олорон ыстаммыт. Атын миинээтин кытта дьиэттэн били дьоннор сүүрэн тахсыбыттар, сирэйдэ дэлби уолан хаалбыт, сарылыы - сарылыы булчуту сырсыбыттар аҕай, хата сиппэтэхтэр. Булчут суолун булан дьиэтин этэҥҥэ булбут...

Бу түбэлтэ Өймөкөөн улууһугар буолбут. Саас хаар ууллуута учууталлар улууспут кинигэр мунньахтыы айаннаан иhэннэр массыыналара оргуйан хаалбыт. Учууталлар чугас быраҕыллыбыт совхозка ким "наадатыгар" ким көххө барбыттар. Хотоҥҥо киирбиттэрэ хотон ортотугар кырасыабай баҕайы өҥнөөх бороску сытар эбит. Чүөчэлэр хайаларын сүөhүтэ кэлэн сытарый диэн интириэhиргээн чугаһаабытта. Көрбүттэрэ доҕоор, сүөhүлэрэ быры - быччаҕар харахтаах, атаҕа кып-кылгас үһү. Часкыйаат куоппутар, сүүрэн иһэн кэннилэрин хайыһан көрбүттэрэ сырсан аҕай иһэр үһү... Хотонтон тахсыбакка ол кыыллара сүүрэн иһэн сүтэн хаалбыт...

Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.

Суруйда Baaska. 2011-12-09 22:15:36 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ