Сардана Ноговицына
Ханныгын субу диэн билбэппин, дэриэбинэҕэ буолбут түбэлтэ. Биир субуота күн сыбаайба кэннэ күтүөт уол убайа хонор сирэ суох буолбут. Сатахха сыбаайбаhыттар квартираларга олорор эбиттэр (4 дьиэ холбоhон турарын квартира дииллэр).
Онно биир иччитэх дьиэ баар эбит. Убай уол ол дьиэҕэ хонуом, эдэр ыалга мэhэйдиэм дуо диэн онно хоно тахсыбыт. Төhө да быраата биhиэхэ хон диэбитин үрдүнэн. Дьэ ол дьиэҕэ киирбит, арай хос иhигэр биир соҕотох тимир орон эрэ баар эбит. Оҥостон сыппыт, өр баҕайы уута кэлэн биэрбэтэх, онтон дьэ нухарыйан эрдэҕинэ доҕор! Аан аттыгар 3-4 саастаах оҕо турар эбит. Уол сатаан хаhыытаабатах да, хамсаабатах даҕаны. Оҕо аны сүүрэн кэлбит, уонна үрдүгэр тахсан ыстаҥалыы ыстаҥалыы күлэн киирэн барбыт! Син мээнэ өр буолбакка хата быраата киирэн кэлэн быаhаабыт. Сарсыарда ол дьиэҕэ урут баhаарга кыра оҕо былдьаммытын туhунан кэпсээбиттэр. Ити дьиэҕэ оҕо дууhата үөр буолан хаалан хаалбыт. Уонна ол дьиэҕэ олоро кэлбит дьоннор өр буолбакка атын сиргэ көhөллөр эбэтэр иирэн хаалаллар эбит.
Vkontakte.ru "Иччилээх кэпсээннэр" группа.