Эбиэс хомууругар субуотунньука тахса сылдьан уонча буолан биир амппаарга отууланныбыт. Кэлбиппит өр булан, кэпсээммит аҕыйаан: “Эн кэпсээ, мин кэпсээ!” – дэһэр буоллубут.
Биир киэһээ мин үөлээннээҕим Уус Костя тылланар саҥата иһилиннэ: “Мин кэпсээнн көрүүм. Олоҕум устата кимиэхэ да кэпси иликпин”. Киһибит хайдах эрэ долгуйбут курдук: “Мин оҕо эрдэхпинэ дьонум Кур диэн сиргэ отордуу тахсыбыттара. Букатын хойукку күһүн этэ. Иһигини кытта Өксүү диэн мэнэрийэр дьатар, уоллаах кыыһынаан дьукаах олороллоро. Өксүү субу-субу манна сибиэн, онно абааһы дии-дии биһигини куттуура, оронун үрдүгэр барыта эмгэт, быа-туһах бөҕө ыйанан турар буолара.
Киэһэ айы, дьоммут титииккэ бардахтарына, биэс оҕо бэйэбит эрэ хааларбыт. Оннук киэһэлэртэн биирдэстэрин өйдөөн хаабыппын. Ороҥҥо ыйдаҥа түспүт сиригэр оонньуу мустубуппут. Ол кэмҥэ ким ээ дьулаан баҕайытык үөһүн тартарда. Көрө түспүппүт, дьиэбит аанын аһан, улахан баҕайы күп-күөх марбайбыт сирэйигэр ыһыллан түспүт баттахтаах, көҥкөлөй уһун ырбаахылаах эмээхсин киирэн, талх сиппиири ылаат, сиппийбитинэн барда. Улахаммыт Муся: “Бааскаа, кыптыыйы аҕал!” – диэтин кытта, уол остуолга сытар кыптыыйы хаба тардан ылла. Эдьиийбит кыптыыйынан бырахта да, ханна тиийэн түспүтүн билбэтибит. Эмээхсин хап-сабар сиппиири уураат, тахсан барда. Күн киэһэрдэ. Кэмниэ кэнэҕэс дьоммут тиийэн кэллилэр. Бааска ийэтэ кэлээтин кытта утары сүүрэн тийэн: “Ийээ, ийээ биһиги күөх эмээхсини...”, - диэн эрдэҕинэ ийэтэ, ким эр истиэ диэбиттии симиктик ол эрэн күүскэ баҕайы: “Чот! Айдаарыма, билэбит”, - диэн саба саҥарда. “Дьоҥҥо мээнэ кэпсэн оҥостуман!” – диир этэ. Онно тох төрүөттээҕин улахан дьон билэллэр эбит. Өскө “күөх эмээхсин” дьиэни сиппийэн, оҕо сытар сиригэр тиийбитэ буоллар, оҕо өлүөхтээх эбит. Бу тугуй? Чугаһынан ыалы кэрийэр, ыалдьар да, көннөрү да эмээхсин суоҕа үһү. Көрбүт эмээхсиммит оҕону өлөрөн тугу туһаныа эбитэ буолла?”.
“Ыйтан кэлбит” Сылаҥ, Чурапчы.
“Иччи.Сибиэн.Абааһы”. Спирдонов Е.Г. - Дьокуускай: Бичик, 2010.