Ленскэй Оройуонугар Нюя өрүс хаҥас салаата Бэтинчэ диэн Yрэх баар. Ол Yрэх баhыгар сэрии саҕана тоҥус ыала көhө сылдьыбыт. Күhүн булт саҕана Муҥулах диэн сиргэ тохтоон бултуу сылдьан, ыал аҕата сэрииттэн күрээн сылдьар дьону көрсө түспүт, күрүөйэхтэри.
Ол урдустар сонно тута тыыппатахтар. Ол эрээри дьоҥҥо кэпсиэ диэн, отуутугар төннүбүт суолун суоллаан киирэн ыалы барытын эспиттэр. Арай биир 4-5 саастаах кыыс оҕону тыыппакка тоҥ балаҕаҥҥа хаалларан барбыттар. Ол оҕо эрэйдээх ытаан-соҥоон, аччыктаан-тоҥон быстаахтаабыт... Yөр буолбут. Ол диэки сылдьан оҕо ытыырын истибит дьон бааллар. Улаханнык саҥарбаттар эрээри... Арай биир киhи 80-с сыллардаахха: "Коммунизм үйэтигэр абааhы-таҥара суох" - диэн куолулаан, ол сиргэ баран хоммут. Түүн син хонон турбут. Сарсыарда бултуу барбыт. Киэhэ отуутугар кэлбитэ ГАЗ-66 массыыната рамата эрэ хаалыар диэри умайан баран турар эбит... Чахчы буолбут түбэлтэ.
Ykt.ru Автора: Вояджер