Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
4 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
6 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
11 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
12 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Баттатыы

Мин саҥа дьиэбин атыылаһан баран баттатан иэдэйэ сыыспытын. Арай түһээтэхпинэ бастакы түүннэрбэр ким эрэ ааммын тоҥсуйар. Улахан баҕайытык.

Наһаа куттанабын, аны итириктэр буолуо диэн. Икки - үс хонук оннук буолла, дьиэбин ыраастаабыта эҥин буолабын. Арай бииргдэ түүн кухнябяр тахсыбытым аан аттыгар оҕолоох дьахтар отой муус курдук хараҕынан көрөн баран олорор эбит. Кутталбыттан саҥабыттан матан хааллым., хаһыытыы сатыыбын - саҥам тахсыбат. Дьэ ол сылдьан уһуктан кэллим, ороммор буһа хата ахан сытар эбипиин. Дьэ, дьиэбин өссө быһа ыраастыы сатаатым, ууга уокка түстүм ахан, дьиэбин төттөрү атыылаабыт киһи эҥин диэн санааҕа кэллим, ол эрэн аны итинник барыстаах сыананы булуом суоҕа диэн толлобун. Арыый аҕыйах хонук буолан баран баттатан бүттүм. Дьэ арай биирдэ түүн эмиэ, илэ курдук, ваннаҕа бардым, арай туалетым үрдүнэн улахан баҕайы хайаҕас баар буолбут, санаабар онон кимнээх эрэ киириэхтээхтэр эбит. Дьэ куттал бөҕөтө, син куттанным у4уктан баран, уонна сахалыы абыычайынан сиэлинэн, отунан ырастаатым.. Ол иннинэ чүмэчи умата сатыырым, уонна молитва ааҕарым...

Галина Матвеева, http://vkontakte.ru/ "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан. группаттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-07 19:15:15 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ