Виктория Гаврильева
Сураҕа кырдьаҕастар этэллэринэн абааһыны көрүстэххинэ дорооболоһон баран ааһа туруохтаах үһүгүн, уонна кэннигин олох хайыһан көрүө суохтаах үһүгүн
Оттон дэриэтинньиктэр бааллар дии, бэйэн дэриэтинньиккин көрүстэххинэ олох суолу туораан биэриэ суохтаах үһүгүн, туораан биэрдэххинэ өлөр үһүгүн.
Иван Иванов
Абааһыны көрүстэххэ куотуо суохтааххын, олорор дьиэҕэр эҥин абааһы сырсар үһү. Төһө кыалларынан холкутук сылдьыахха наада, абааһы хаһан да мээнэҕэ көстүбэт, чуо бааччы эйиэхэ кэлбит буоллаҕына куьа5ан, онтон ааһан иһэр эбэтэр аттыгар баар дьоҥҥо кэллэҕинэ эмиэ көстүөн сөп, бүтүн оҥоруулаах буоллаххына хайа да абааһы кыайбат. Бэйэм көрсүбүтүм буоллар ааһа туруом этэ, уонна хайыаҥый, куотан да туһа суох, син биир ситэр. Былыр биир киһи ойуур суолугар утары көрсүбүт үһү. Ону тута сылдьар ат көнтөһүнэн "Киэр буол" - диэн баран охсубута, абааһыта хоҥсуотук саҥара-саҥара сүтэн хаалбыт. Мин санаабар кэмэ кэлбит киһи ону маны көрөр, эбэтэр хайдах эрэ сиргэ эҥин көстөрө буолуо дии саныыбын.
http://vkontakte.ru/ "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.