Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Ыллык

Мин мамам 11-12 саастаах сылдьан звенолары кытта сайын аайы дэриэбинэттэн ыраах сиргэ оттоhо барар үhү. Күhүөрү ду, атырдьах ыйын бүтэhик күннэригэр ду, оттоон бүтэн "чэ мин бардым" диэн баран дэриэбинэ диэки бара турбут. Мама урут да хоргуhа суох буолан, соҕотох барарын олох наадыйбатах, эбиитин сылдьар сырыыта буо. 

Быhаалыы бараары ойуур быыhынан киирбит. Баран испит, баран испит. Биирдэ өйдөммүтэ халлаан хараҥаран хаалбыт, ыллыгын суолун сүтэрэн кэбиспит. "Иэдээн, муннум" - дии санаабыт. Ол да буоллар, иннин хоту санаатын түhэрбэккэ баран испит. Арай ол баран истэҕинэ үрдүнэн туох эрэ сырдык тыкпыт. Эмискэ эҥин буолбатах, хайдах эрэ соhутумаары курдук оргууй. Мамам тула сылаас буолан хаалбыт, уонна хайдах эрэ наhаа уютнай үhү. Ол сырдык кини кэтэҕин кэнниттэн суолу сырдатар курдук тыгар үhү, ол эрээри кэннин хайыhан көрөр диэн санаа отой киирбэт үhү. Сотору соҕус ыллык суолугар ол сырдык таhараан биэрбит. Дэриэбнэҕэ тиийэрин саҕана ол сырдык уот аа-дьуо сүтэн хаалбыт үhү. Ийэтигэр кэпсээбитэ, ол сирдэргэ мамам эhэтэ, мин хос эhэм, бултуур сирэ этэ диэн кэпсээбит ийэтэ. Онон арааhа булчут кута сиэнигэр көмөлөстөҕө диэн.

Ykt.ru Автор: Summer

Суруйда Baaska. 2011-12-06 00:45:18 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ