Ахсынньы 21-22 түүн, Майа.. Бу сарсыарда 9 чааска хойутааһына суох үлэбэр кэллим. Бииргэ үлэлиир доҕорум хойутаан кэллэ. долгуйбут эҥин баҕайы көрүҥнээх... Туох буоллун диэн ыйыттаҕым дии, ону маннык диэн кэпсээтэ:
Дьиэбэр бүгүн соҕотох хоннум, киэьээ как куруутун буоларын курдук оһохпун оттон баран ороммор сытаат өр буолбакка утуйдум.. Арай түүн ортото дьон саҥатыттан уһуктан кэллим. "Хайдах хайдаҕый бу" - диэн саҥа аллайан истэхпинэ арай хараҕым иннигэр туох эрэ хап-хара мичик гынан ааста.. Адьас уолуйан хааллым.. Ыксаан умса хайыһан баран, истибитэ буола сыттым, ону ол туохтар эрэ кэпсэтэллэр: "тыытыма-тыытыма, сыттын" - эҥин дэһэллэр... Сүрэҕим бип-биллигирэс ноо... Онтон арай ким эрэ илиибин таарыйда, хаҥас илиибин, туох эрэ таарыйарын курдук. Эмискэ илиим тыбыс тымныы буолан хаалла... Оо, адьас сурэҕим айахпынан тахса сыһыталыыр, суорҕаммар сөрөнөн кээстим, онтон төбөбүттэн таарыйда. "Ээ, чэ!" диэн баран ойон тураат уоппун холбоотум... Ким да суох.. Ылан оһохпун отуннум, аһаттым эҥин, арыылаах килиэбинэн, чүмэчи ылан дьиэм устун хаамыталаатым, уонна чэй куттан баран тэлэбииһэрбин саамай улаханыгар холбоон баран олордум... Арай көрдөхпүнэ шторам хамсыыр, тыал үрэрин курдук, онтон чүмэчим кырата бэт буолан бүтэн хаалла, ол бириэмэҕэ син биир кимнээх эрэ саҥараллара иһиллэр. "Ээ кэбис" диэн баран соммун кэтээт паспорбын ылан баран таһырдьа ыстанным.. Паспорым иһигэр 2000 солкуобайдаахпын, баран круглосуткаттан чүмэчи ыллым уонна үөһээ халдьаайыга олорор дьоммор таҕыстым. Ийэбэр туоҕун хавнныгын баарынан кэпсээтим, ол бириэмэҕэ чаһы номнуо сарсыарда 4 чаас буолбут этэ. Таксинан түстүбүт. Ийэм сиэри туому тутуһан ыраастаата, чүмэчинэн төбөбүн таарыйбытыгар төбөбүттэн туох эрэ хап-хара буруо тахсан салгыҥҥа суураллан хаалла. Ийэм эттэ: "Главынайа куттаммыккын көрдөрүмэ" - диэтэ. Ол дьиэ эргэ эбит, былыр дьоннор эҥин өлбүттэр үһү...
Уонна ол уолум бүгүн эмиэ барда, дьиэтигэр хоно.
Пинигин Эдгар, http://vkontakte.ru/ "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.