Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 1 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
4 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
6 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
11 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
12 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Абааһылаах кэпсээннэр - 6

Тоня Оконешникова

Мин бастакы кылаас эрдэхпинэ соҕотох дьиэбэр хааллахпына наар кухняҕа биир тетяны көрөөччум, олоппоско олорор буолааччы... Кырдьаҕас баҕайы этэ!

Маамабар этээри гыннахпына наар умнан кэбиһэр этим... Онтон ол дьиэттэн көһөн баран дьэ маамабар эппитим. Маамам куттанан хаалта.. Кэнники маамам эдьиийин кытта кэпсэтэрин истибитим: "Оҕом дьиэҕэ дьахтары көрбут, баҕар өлбүт эдьиийбит сылдьара буолуо" - диэбитэ.. Мин ШОК ылбытым!!!!!

Анджелика Алексеева

Аан бастаан түөрт сааспар көрбүтүм, хос эбэм өлбүтүн кэннэ... Эбэбин наһаа өйдүүбүн тыыннааҕар. Эмискэ өлөн хаалбыт эбит... Ол кэннэ наар түннүгү кэлэн манааччы, хайдах сыдьарбытын көрө, тоҕо эрэ дьиэҕэ киирбэт... Дьомор этэр этим: "Эбээ кэллэ дии, мин эбээҕэ таҕыстым" дии-дии тахса сатаачыбын, дьонум таһаарбат этилэр, наһаа куттанар эбиттэр... Мин ол саҕана өлбүт эҥин диэн өйдөбүл суох буоллаҕа, тыыннаах дии саныр этим... Онтукайым дууһата эбит, үс дуу хас дуу күн түннүгүнэн манаабыта...

Сергей Игнатьев

Мин оттуу сылдьан тугу эрэ көрөн турардаахпын. Түүн от оҕустара сырыттахпына, илин түннүгүм үрдүнэн тонировкалаах, түүн харҥаҕа кэлин фаараны холбоотоххо тонеровка сиэркилэ курдук курдук чаҕылыҥныы сылдьар. Дьэ от охсон бүтэрэрим кыра хаалтын кэннэ арай хараҕым кырыытынан көрөн аһарабын: ким эрэ трактор кэнниттэн батыһан иһэр, ону быраатым кэллэ диэн тохтоон тахсыбытым ким да суох (ол онно бырааттааҕым, 3 километрдаах сиргэ үүтээҥҥэ бааллар). Мин хайдах эрэ этим тарта уонна тута куттана куттана охсорбун хомуйан баран дьоммор бардым. Кэлин уоппун арааран кэбистим эмиэ туох эрэ көстүө диэн...

http://vkontakte.ru/ "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-07 18:58:30 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ