Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Өлбүт киһини кытта кэпсэтии - 2

Oleg Wallrunner

Мин эһээм өлбүтүн кэннэ түүлбэр эмиэ хаста да көрбүтүм. Эһээм анараа дойдуга туоруон иининэ олорон тахсыбыта. Сатаан хаампат этэ. Онон наар ыҥырар этэ: "Олееег, чэйдэ аҕал" - эҥин диир этэ. Ол түүлбэр арай эмиэ ыҥырда, хаһыытаан.

Онтон биирдэ түһээммин шкаф иһигэр олорор диибин. Ону тоҕо тахсыбаккын диэн ыйыппыппар туох да диэн эппиэтээбэтэҕэ. Онтон биирдэ, гаражка туох эрэ хос баар диибин, эһээм онно олорор диибин. Ол хостон эмиэ хаһыыта иһиллэр этэ :( Хаста да түүлбэр кэлэн барбыта да туох да диэн саҥарбата5а :(

Катя Еремеева

Папам бииргэ төрөөбүт балтыта бириэминнэй сылдьан биирдэ түһээбит этэ. Аан тутааҕын оҥоро сатыы сылдьар үһү. Илиитигэр борустуой сыппах быһахтаах үһү. Ону кыыһыр да кыыһыр буолар эбит. "Хайдах биир да саха быһаҕа суоҕуй бу, барыта ханна баран хаалбытай!" - дии дии. Ону биир кырдьаҕас оҕонньор баар этэ, биһигини кытары олоро сылдьыбыт киһи (өлбүтэ), ол оҕонньор этэр үһү: "Убайдарын ынах өлөрө сылдьаллар, олор илдьэ тахсыбыттара болуо" диир үһү (аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ 10 уол уонна биир соҕотох кыыс), дьэ онно кыыһырар үһү: "Хотя бы биир быһаҕы хаалларан тахсыахтарын!" дии дии. Онтон муус устар ыйга былырыын төрөөбүтэ, онтуката оҕото үс күн болан баран өлөн хаалбыта. Хайдахтаах биһиги аймахха куһаҕан этэй ол ыарахан кэм кэнниттэн:'(

Светлана Федорова

Мин манна үөрэнэ сылдьан уопсайга сытан түһүүбүн.. Дойдубар оскуолаттан киэһээ тахсан дьиэлээн иһэбин,.ол иһэн кэннибин көрбүтүм паапам аттаах иһэр, көрөн баран куттаныах курдук буолан иһэн аахайбаппын... Арай ыалларым дьиэлэригэр дьон бөҕө мустубут диибин, бырааһынньык дуу, ас атыылыы дуу сылдьаллар дии саныыбын... Ол дьиэҕэ киирээри гыммыппар, паапам тиийэн кэлэр уонна: "Тугу гына сыддьаҕын, кииримэ, дьиэҕэр бар” - диир. Мин: "аһаа" - диэт дьиэм диэки сүүрэн хаалабын... Онтон сарсыныгар истибитим сосед киһи өлбүт этэ...

Муся Старостина

Биир сылга мин двоюроднай убайдарым уонна эбэм өлбүттэрэ. Биирдэ аҕам түһүүр үһү. Ийэтин көрсөн ыйыппыт: "Тоҕо уолаттары иккиэннэрин ыллын" - диэбит. Ону эбэм: "Биирэ мин мааны оҕом этэ, биирин сатаан сылдьыа суоҕа диэн ыллым" - диэбит. Онтон аҕам түһээбитин кэннэ сотору мин түүлбэр киирбитэ уонна миигин кытта барыс диэбитин барбатаҕым.

Мин оскуолаҕа сылдьан ийэбин кытта сатаспат этим. Биирдэ эмиэ дэлби этистим, уоскутар киһим аҕам ханна эрэ барбыт кэмэ этэ. "Дьоско" ытаатым, уонна утуйаары сытан эбээ миигин ийэм мөҕөр, наһаа эрэйи көрөбүн диэбитим. Ол түүн ийэм ийэтэ киирэн этэр: "Оо, оҕом барахсан иччэ куһаҕаннык олороҕун дуо" - диир уонна: "Миигин кытта барыс" - диэбитэ, илиитин ууммутун утары хааман истэхпинэ балтым туруорбута. Мин эбэбэр иитиллибитим, эбээ оҕото этим.

http://vkontakte.ru/ "Иччилээх кэпсээннэр" группаттан.

Суруйда Baaska. 2011-12-07 18:34:59 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ