Биэстээх Бочоох үйэтигэр Хачыкаакка биир аата ааттамматах улуу ойуун Буотама үрэх төрдүгэр олорбут. Кини хайа дойдуга төрөөбүтүн, хайдах ойуун-удаҕан буолбутун ким да билбэт. Тас көрүҥүттэн да көрдөххө, киһиттэн ураты дьүһүннээх күтүр эбит.
Уй курдук ынайбыт истээх, маадьаҕар токур-бокур атахтаах, нүксүгүр көҕүстээх, иннин диэки энньэйбит уһун сыҥаахтаах, туора-маары барбыт арсайбыт тиистээх, киһини уоттааҕынан өтө көрбүт ыйаастыгас хара харахтаах... Кыыраары олорон дьааһыйан ыллаҥнаатаҕына, айаҕа кулгааҕын төрдүгэр диэри аппайара үһү. Кыыран-кутуран, битийэн-таһыйан бардаҕына, кырдьыга да, илэ абааһыга холоонноох киһи эбит. Баһын олох чолоччу тартаран, икки хараҕын өҥүргэһинэн көрөн алҕаан дьалыһытан, кутуран кулуһутан бардаҕына, бар дьон этэ салаһар, куйахата күүрэр ынырык ойууна эбитэ үһү.
Биэстээх Бочоох бу ойууну кытта өстөспүт. Дьадаҥы киһи буолан, Биэстээх Бочоох кыһын куобахха туһахтыыр, айалыыр идэлээх эбит. Ол туһахтарыгар, айаларыгар өлбүт куобаҕы суор кэрийэ сылдьан тоҥсуйан сиир идэлэммит. Бочоох ону “бу ойуун соруйан суору ыытара буолуо” диэн уорбалыы саныыр эбит. Төһө да мантан кыйаханнар, ойууну кырбыыр дуу, өлөрөр-өһөрөр дуу санаата суоҕа үһү. Биирдэ Биэстээх Бочоох туһаҕын-айатын кэрийэ барбыт кэмигэр, ойуун кинилэргэ сылдьан ааспыт. Бочоох кийиитэ ойууну аһаппакка таһаарбыт. Кинилэртэн баран иһэн ойуун биир ыалга сылдьан “Биэстээх Бочоох кэргэттэрэ тугу да аһаппатылар, ол иһин кинилэри субай хаан ортотугар, дьэ, олордорум буолуо”, – диэн сааммыт сураҕа иһиллибит. Өлүү болдьохтоох, ол кэнниттэн сотору буолан баран Бочоох уолун 3 саастаах уол оҕото эмискэччи ыалдьан өлөн хаалбыт. Ойууҥҥа уруккуттан да таала кырыылана сылдьыбыт киһи, ойууну кытта күрэстэһэн барбыт.
Биирдэ ойуун биир ыалга ыҥырыллан кэлэн кыыраары оҥосто олордоҕуна, Биэстээх Бочоох түбэһэ киирэн, ойууну сыҥааҕыттан харбаан баран, логлу тардан ылбыт. Онуоха ойуун бэйэтин сыҥааҕын оннугар торбос сыҥааҕын уктубут. Онтон ыла кинини Торбос Сыҥаахтаах эбэтэр Сыҥааҕа Суох ойуун диэн ааттыыр буолбуттар. Кини кыыра сылдьан, арыт, торбос курдук мэҥириир буолбут.
Биирдэ эмиэ көрсө биэрэн баран, Биэстээх Бочоох ойуун хаҥас хараҕын оҥон кэбиспит. Ол түмүгэр, ойуун бэйэтин хараҕын оннугар ыт хараҕын уктубут. Онтон ыла кини икки аҥыы харахтаах буолбут: уҥа хараҕа – хара, хаҥас хараҕа саһархай өҥнөммүт. Биллэн турар, ол аайы өһүөн дириҥээн испит. Сыҥааҕа Суох ойуун ыалга кыырдаҕын аайы Биэстээх Бочооҕу кыраан-таныйан эҥсэлитэр, сиэри сирэйдэнэр буолбут. Бэйэтин кыайбат буолан, кэнчээри ыччатын кэнийэр идэлэммит. Хата, Биэстээх Бочоох обургу кини кырыыһын баардылаабата эбитэ үһү. “Тарбыйахсыт, кини абааһылара миэхэ тугу гыныахтарай?” – диир эбит.
Биирдэ Биэстээх Бочоох ойууну өрүс арыытыгар көрсөн баран, хоолдьугун булгу эрийэн баһын туспа араарбыт, ол кэннэ өлүгүн уматан баран күлүн ууга ытыйан кэбиспит. Улахан ойуун биирдэ хат тиллэн кэлэр оҥоһуулаах дииллэр. Сыҥааҕа Суох ойуун тиллэн кэлэн хат кыырбытынан барбыт. Ол эрээри: “Биэстээх Бочоох миигин иккиһин өлөрдөҕүнэ, хойутун хойут, хат төрүөм-үөскүөм суоҕа”, – диэн тылламмыт. Кини Уһун күөл иһигэр саһан олорон киһилии ыалдьан өлбүт. Өлүөн иннигэр кэриэһин этэн, уолугар этэн, Уһун күөл таһыгар туруору иин хастаран баран туруору көмнөрбүт. Иинин буорун сири кытта тэҥнии тарҕаттаран кэбиспит. Быһата, кэлин Бочоох кэлэн өһүөннээх хостуу-хайыы сылдьыбатын курдук дьаһаммыт.
Ол кэмтэн ыла Буотама ыаллара ньирэйдэрин “мээх, мээх” диэн мэҥирээн ыҥырбат, “кэл-кэл” диэн ыҥырар буолбуттар. Оттон торбоһу торбос диэбэккэ, муннаран, “тамыйах”, “ньирэй” дииллэр.
Г.Эргис “Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ” кинигэттэн.
“Хачыкаат” кинигэттэн. "Кыым" хаһыат. (http://www.kyym.ru) №40 2016.10.13