Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Муммут оҕо

Оччолорго мин биэстээх уол этим. Атырдьах ыйын ортотун эргин эбитэ буолуо, төрөппүттэрим оттуу сылдьаллара. Соҕотоҕун хаалан оонньуу сырыттахпына миэхэ бэйэм саҕа, туох да таҥаһа суох сыбыс-сыгынньах, ып-ыраас, үчүгэй баҕайы уол тиийэн кэллэ уонна: “Ойуурга отон наһаа элбэх, онно бараммыт отоннуох”, – диэтэ.

Мин оонньуурбун уктар туос ыаҕайабын, оонньуурдарын сүөкээн баран, уолу кытта барса турдум. Ойуурга отон элбэх да, уолум тохтообокко баран иһэр. Олус өр барбыппыт. Онтон эмискэ уолум мэлис гынан хаалла.
 
Ити кэннэ үс хонукка муна сылдьыбытым. Үһүс күнүм сарсыардатыгар, тымныы баҕайы этэ, суор хаһыытыттан уһугуннум. Аттыбар сүрдээх чугас сүүнэ улахан, хара суор олорор. Бастаан куттана санаан баран, тоҕо эрэ тутан ылыахпын баҕаран кэллим. Батыстым. Суор миигиттэн нэһиилэ куотар. Эккирэтии буолла. Иккитэ-хаста ситэн кэлэн ыаҕайабынан оҕустум да, таппатым. Саамай итийэн-кутуйан эккирэтиһэн истэхпинэ, суорум “хоох” диэт көтөн хаалла. Сонно тута дьон саҥатын иһиттим. Көрбүтүм, хас да киһи миэхэ сырсан иһэллэр. Куота сатаатым да, тараччы тутан ыллылар.
 
Ыҥыырдаах акка биир киһиэхэ көтөхтөрөн иһэн утуйан хаалбыт этим. Ийэм айманар саҥатыттан эрэ уһуктубутум.
 
***
 
Мин сүппүтүм кэннэ маннык буолбут.
 
Сүттэҕим түүн дьону-сэргэни, чугастааҕы отчуттары барытын хомуйан көрдөөһүнү тэрийбиттэр. Икки түүннээх күн көрдөөн булбакка ыксаан олордохторуна, ким эрэ Аана эмээхсиҥҥэ (Анна Павлова-Алыһардаах удаҕан) биллэрэр туһунан тыл быктарбыт. Дьэ онно өйдөнөн, аҕам эрэйдээх ааттаах ат үрдүгэр түһэн 7 көстөөх Мастаахха баар Аана эмээхсиҥҥэ ыстаннарбыт.
 
Эмээхсиннээххэ түүн тиийбит уонна “көмөлөс” диэн ытыы-ытыы көрдөспүт. Аана эмээхсин оҕо сүппүтэ үһүс түүнэ буоларын истэн баран, ыксыы түспүт. “¥с хонукка диэри тоҕо биллэрээхтээбэтэх бэйэккэҕитий? Уу диэн эмиэ баар. Кыыл диэн эмиэ баар. Түүн тымныыга тоҥон иэдэйиэ буоллаҕа”, – диэн аҕабын сэмэлээбит.
 
Ол кэннэ: “Бэйи, мин билигин билэ сатыам”, – диэт, хаппахчытыгар киирбит. Онно хамсалаах табах устата сүтэ түһэн баран, үөрэн-көтөн тахсан кэлбит. “Тоойуом, оҕоҥ этэҥҥэ сылдьар эбит. Эрэйдээҕим сыыһа охтубут тиит сыгынаҕын хоонньугар утуйан буккуруу сытар”, – диэбит. Ол кэннэ аҕабын: “Уоскуй. Оҕоҥ сарсыарда түөртүүр саҕана дьиэтигэр кэлиэҕэ. Хата, аһаан-сиэн, сынньанан, утуйан хаал”, – диэбитин истибэккэ, аҕам дьиэтигэр тэбиннэрэ турбут.
 
Инньэ гынан, сарсыныгар миигин дьиэбэр аҕалан аҕай турдахтарына субу дьигиһитэн тиийэн кэлбит. Дьэ, чахчы, харса суох айан буолуохтаах. Көр, онно ата биир түүн иһигэр 14 көһү айаннаан баран улаханнык илистибэтэх үһү.
 
Ойууну-удаҕаны төһө да арбаабатаҕым иһин, Аана эмээхсин барахсан миигин оҕо эрдэхпинэ өлөр өлүүттэн итинник быыһаабыта. Ити барыта кырдьыктаах суол. Ону бэйэҕит сыаналыаххыт. Оттон мин бэйэм чааһым Аана эмээхсин үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин.
 
Ити курдук Тоһугуруур Уйбаан уола, үрдүк үөрэхтээх, хомуньуус-баартыйа үлэһитэ И.И. Иванов кэпсээбитэ.
 
Семен Ноговицын, Кэбээйи Куокуйун олохтооҕун суруйуута, ону кини кыыһа Ефросиния бэчээккэ таһаарарбын көҥүллээбитэ. http://www.kyym.ru - сайттан. "Кыым" №44  2016.11.10

Суруйда Baaska. 2017-05-11 23:32:34 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ